АЛРОСА хампаанньа Саха сиригэр успуорт сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурар. Алмааһы хостооччу үбүнэн улуустарга успуорт эбийиэктэрэ тутуллаллар, күрэхтэһиилэр ыытыллаллар уонна араас бырайыактар олоххо киллэриллэллэр. Олортон биирдэстэринэн “Чөмпүйүөн буол” федеральнай бырайыак буолар. Бу бырайыакка Саха сирэ хампаанньа өйөбүлүнэн кыттыһар.
«Чөмпүйүөн буол» — талааннаах оҕолору таларга уонна
успуорка дьоҕурдарын быһаарарга федеральнай тургутар (инновационнай) бырайыак. Онуоха оҕо организмын психофизиологическай уонна функциональнай кыахтарын быһаарар бырагыраамалаах-аппарааттаах комплекс туһаныллар. Ону таһынан антропологическай уонна успуорт тургутуга (тест) оҥоһуллар. Биир кэлим анаалыс түмүгүнэн оҕо успуорт ханнык көрүҥнэр барсарын, үчүгэй түмүктэри ылыан сөбүгэр сүбэ-ама биэрэллэр. Саха сирин оҕолоро маннык тургутугу барар кыахтаналларыгар АЛРОСА хампаанньа бырагыраамалаах-аппарааттаах комплекстары атыылаһыыны үбүлээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырайыак Успуорка сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин баазатыгар олоххо киллэриллэр. Киин 2021 сыллаахха үс бырагыраамалаах-аппарааттаах комплексы ылбыта. Билигин «Чөмпүйүөн буол» бырайыагынан 5,5–12,5 сааастарыгар диэри оҕолорго тургутук «Триумф» успуорт
комплексыгар ыытыллар. Ону таһынан бу комплекстар өрөспүүбүлүкэ бары үөрэҕин тэрилтэлэригэр көһө сылдьан тургутуктары оҥорорго туһаныллаллар.
«Чөмпүйүөн буол» бырайыагы Саха сиригэр толорооччу Матрена Романова этэринэн, чуолаан бырайыак билимҥэ тирэҕирбитэ кэрэхсэппит, манна кини оҕо эт-сиин өттүнэн эрдэ сайдыытын уонна оҕо успуордун кэскилин сыаналааһын суолтатын биһирээбит. Сүрүнэ, ардыгар оҕолоро туохха дьоҕурдааҕын билбэт төрөппүттэр бу бырайыакка болҕомтолорун ууруохтарын наада. Сорохтор оҕолоруттан олус элбэҕи эрэйэллэр, атыттар уһуйааннарга уонна оскуолаларга ыытыллар физкултуура дьарыктарыгар эрэ эрэнэллэр. Бу кэмҥэ кинилэр оҕолоро эт-сиин өттүнэн сайдалларыгар элбэҕи сүтэрэллэр. Ол гынан баран, тургутугу ааһаннар, төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолоругар сөптөөх сиэксийэлэри талыахтарын сөп.
«Тургутугу биһиги «Триумфка» уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар тиийэн ыытабыт. Ону таһынан инновационнай холбоһуктар ситимнэрин (5 уһуйаан киирэр) тургутар бырайыагы оҥорбуппут. Биһиги үөрэппит исписэлиистэрбит уонна учууталларбыт билигин тургутугу бэйэлэрэ ыыталлар. Хайдах ыытылларый? Балтараа чаас устата анал тэрил көрдөрүүнү бэлиэтиир, бэлиэтээһиннэр тута киинниир тиһиккэ киирэллэр. Салгыы тиһик оҕоҕо успуорт ханнык көрүҥэ ордук сөп түбэһэригэр түмүүгү таһаарар», — диир Матрена Романова.
Кини куратордаабыт биллиилээх спортсменнарын ортотугар Виктор Лебедев, Ариан Тютрин, Владимир Егоров бааллар. Анаалыстар түмүктэринэн уонна төрөппүттэргэ оҥоһуллубут аҥкыатанан кини, үөрэххэ наука-билим эйгэтигэр исписэлиис быһыытынан, комплекс чахчылара успуорка хаачыстыбалары бигэргэтэллэригэр бигэ эрэллээх.
Төрөппүттэр санаалара
Бырайыагы биир бастакынан кэрэхсээччинэн Дьокуускайтан Корниловтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар. Кинилэр оҕолорун уопсай туруктарын сайыннараары, кыра эрдэхтэриттэн гимнастикаҕа уонна харбыырга дьарыктаабыттара. «Чөмпүйүөн буол» бырайыак кинилэр успуорка салгыы ханнык хайысханы тутуһалларын быһаарбыта.
«Биһиги оҕолорбутун салгыы ханнык сиэксийэлэргэ суруйтарар туһунан толкуйдуу сылдьыбыппыт. Кинилэр тугу сөбүлээбэттэрин эрэ буолбакка, туох сөп түбэһэрин өйдүөхпүтүн наада этэ. Холобур, кыыспыт түөрт сааһыттан художественнай гимнастиканан дьарыктаммыта. Тургутук түмүгэ кини үҥкүү успуордугар, акробатикаҕа, ыстаныыга чэпчэки атлетикаҕа барсарын көрдөрбүтэ. Ол иһин, биһиги үҥкүү сиэксийэтигэр көспүппүт. Ону таһынан оҕо-ыччат успуордун оскуолатыгар чэпчэки атлетиканан дьарыктанар. Оҕобут маны барытын сөбүлүүр», -– диэн ийэ Алена Корнилова кэпсиир.
Ол гынан баран, тургутук түмүктэрэ өссө биир сыаналаах иһитиннэриини биэрбиттэрэ -– уолларын тоноҕоһо туора баран эрэрэ биллибитэ. Ол иһин, кинилэр харбыырга дьарыктарын сөргүппүттэр. Сүрүнэ диэн, оҕоҥ туохха дьоҕурдааҕын, туох сөп түбэспэтин билээри араас исписэлиистэргэ, сиэксийэлэргэ сылдьар наадата суох. Ол иһин, кини төрөппүттэр маннык тургутуһу ааһалларыгар сүбэлиир.
Дьокуускай олохтооҕо Виктор Тимофеев маннык тургутук баарын билэн баран, уон саастаах уолун кытары «Триумфка» кэлбит.
«Оҕоҥ успуорт ханнык көрүҥэр дьоҕурдааҕын аҕыйах чаас иһигэр быһаарар интэриэһинэй этэ. Биһиги уолбут харбааһыҥҥа үчүгэй түмүктэрдээх буолуоҕун билэн, үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан сиэксийэҕэ биэрбиппит», -– диэн Виктор Тимофеев кэпсиир.
Бу бырайыак туһунан иһитиннэрии өрөспүүбүлүкэ улуустарын тилийэ көппүтэ. Чурапчы улууһун Чыаппара сэлиэнньэтин олохтооҕо Прасковья Сивцева «Чөмпүйүөн буол» бырайыак туһунан доҕотторуттан истибитэ. Наадалаах хантаагы булан, кыыһын тургутукка суруйтарбыта. Тургутук түмүгэ кини кыыһа карате уонна ушу курдук дьарыктарга дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. Хомойуох иһин, маннык сиэксийэлэр кинилэр сэлиэнньэлэригэр суохтар, ол гынан баран, ити мэһэй буолбатаҕа. Кинилэр дьарыктана түһэн баран сыл аҥаарынан тургутугу хос ааһалларыгар сүбэлээбиттэрэ. Онон оҕолоро билигин үҥкүүнэн уонна аэробиканан дьарыктанар.
«Мин «Чөмпүйүөн буол» бырайыак туһунан бииргэ устудьуоннаабыттарым чаттарыттан билбитим. Игирэ уолаттарым успуорт ханнык эмэ көрүҥүнэн дьарыктаныахтарын баҕарбытым. Кинилэр успуорт араас көрүҥэр: биирдэрэ фехтованиеҕа уонна харбааһыҥҥа, биирэ буоксаҕа дьоҕурдаахтара биллибитэ. Онтон мин соһуйбатаҕым, тоҕо диэтэххэ, кинилэр эт-сиин өттүнэн кыра эрдэхтэриттэн уратылаахтарын билэр этим. Биһиги ыраах Сунтаарга олорорбутунан, успуорт араас көрүҥнэринэн дьарыктанарбыт хааччахтаах. Билигин манна бассейн тутулла турар, онон харбааһыҥҥа барар былааннаахпыт. Бу мобильнай комплекстарынан Саха сиригэр барытыгар сылдьаллара буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ. Маннык бырайыактар олоххо киирэллэригэр АЛРОСА көмөлөһөрө олус үчүгэй. Баҕар, инникитин миэстэтигэр успуорт ханнык көрүҥэр эбийиэктэри тутар наадатын көрдөрүөҕэ. Оччотугар үчүгэй түмүк да күүттэриэ суох этэ», -– диэн Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо Ньургустаана Тимофеева санаатын үллэһиннэ.
Саха сирин биллиилээх спортсменнара бу бырайыагы эмиэ интэриэһиргииллэрэ бырайыак көдьүүстээҕин туоһулуур. Кэрэхсээччилэртэн биирдэстэринэн 2020 сыллааҕы Дыгын Оонньууларын чөмпүйүөнэ Леонид Филиппов буолар.
«Биһиги быйыл от ыйыгар биир кэлим чинчийиини ааһан, ортоттон үөһээ диэн үчүгэй түмүгү ылбыппыт. Улахан уолбут быйыл бастакы кылааска үөрэнэ киирдэ, кини успуорт оонньуу көрүҥнэригэр үрдүк түмүктэри ситистэ. Төрөппүттэр сүбэлэһэн бараммыт, кинини футболга суруйтарбыппыт. Онтон биэс саастаах кыра уолбутугар единоборствоны сүбэлээбиттэрэ. Кинини көҥүл тустуунан дьарыктыыр былааннаахпыт. Сөбүлээтэҕинэ, сылдьыаҕа. Бу бырайыак барыларыгар да буолбатар, үгүс төрөппүт оҕото успуорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктыаныан сөбүн быһаарарга көмөлөһүөҕэ дии саныыбын», -– диэтэ Леонид Филиппов.
Бырайыак олоххо киллэриллибит кэмин устата өрөспүүбүлүкэҕэ 600‑тэн тахса оҕо хайыы үйэ тургутугу ааста. Оҕо успуорт хайа көрүҥэр барсарын билиэн баҕалаах төрөппүт ахсаана сылтан сыл аайы эбиллэр.
«Тургутугу күҥҥэ, ортотунан, 10 оҕо ааһар. 150‑тан тахса көрдөрүү учуоттанар. Өссө элбэх оҕону хабар туһугар биһиги оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин үлэһиттэрин аппараатынан үлэлииргэ уонна түмүктэри сөпкө быһаарарга үөрэппиппит», — диэн СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистири бастакы солбуйааччы Александр Бугаев кэпсээтэ.
«Биһиги улуустарга уонна ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пуунннарга барарбытыгар биир комплексы туһанабыт. Саха успуордун инники кэскилэ буолар кыахтаах оҕолору хантан булуоххун хаһан да билбэккин. Онон биһиги тургутуу методологиятын уонна технологиятын баһылаатыбыт диэн этиэххэ сөп, инники сорукпут -– бу бырайыакка өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕотун кытыннарыы», -– диэтэ Александр Бугаев.
АЛРОСА үбүнэн көмөтүнэн билигин бырагыраамалаах аппарааттаах комплекстар Дьокуускайга эрэ буолбакка, Мииринэйгэ, Удачнайга уонна Айхалга хампаанньа култуура-
успуорт комплексын эбийиэктэригэр бааллар. Ким билиэй, баҕар, бу бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэбитигэр сотору успуорт бары эйгэтигэр дуорааннаахтык иһиллэр саҥа ааттар баар буолуохтара.
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…