Саха сирин бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников успуорт саҥа эбийиэктэрин тутууну көрдө. Билигин 4 миллиард кэриҥэ сыаналаах 10 эбийиэк тутуута ыытыллар.
«Успуорт — олох нуормата» бырайыагынан Бүлүү оройуонун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр уонна Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ саҥа эбийиэктэр тутуллаллар.
«Манчаары оонньууларыгар» «Демография» национальнай бырайыак «Биисинэс-спринт» бырайыагынан Таатта оройуонун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр тутуллар.
Ону тэҥэ элбэх өҥөнү оҥорор успуорт саалата Эдьигээҥҥэ, оттон Дьокуускайга «Спортивнай» түөлбэҕэ уонна Сунтаар сэлиэнньэтигэр успуорт комплекса тутуулара барар.
Ону тэҥэ Таатта Ытык Күөлүгэр 1000 миэстэлээх стадион уонна чэбдигирэр комплекс тутуллуохтаахтар. Өссө Томпоҕо Кириэс Халдьаайыга уонна Уус Алдан Тандатыгар.
Санаттахха, кэнники биэс сыл устата «Демография» национальнай бырайыагынан 36 эбийиэк аһыллыбыт. Ону тэҥэ ГТО-ну тургутууга анаан 37 дьоҕус былаһаакка тэриллибитэ, тэрилтэлэри уонна успуорт оскуолалары тустаах тэрилинэн хааччыйаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.