Саха сиригэр успуорт 10 эбийиэгин туталлар

Share

Өрөспүбүлүкэҕэ үбүлээһин араас хайысхатынан быйыл барыта 3 млрд. 999 мөл. солк. суумалаах успуорт 10 эбийиэгэ тутулла турар. Ааһан эрэр сылга Дьокуускай куоракка элбэх хайысхалаах успуорт саалата, Чурапчы сэлиэнньэтигэр А.К.Софронов аатынан култуура-успуорт комплекса, Хатас сэлиэнньэтигэр успуорт комплекса номнуо үлэҕэ киирдилэр.

Билиҥҥитэ бэрэсидьиэн “Демография” национальнай бырайыагын “Успуорт – олох нуормата” бырайыагынан, Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр успуорт саалатын, Дьокуускай куоракка искусственнай муустаах каток туталлар. Бу эбийиэктэри эһиил үлэҕэ киллэриэхтээхтэр, күн бүгүн тутуу бэлэмэ 50-тан тахса бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.

Таатта улууһугар “Манчаары оонньуулара” XXII спартакиаданы көрсө “Демография” национальнай бырайыак “Бизнес-спринт” бырайыагынан Чөркөөххө успуорт саалата тутуллуоҕа. Тутуу бэлэмэ – 43%.

Ону тэҥэ, “Единэй субсидия” бырагырааманан Эдьигээн сэлиэнньэтигэр элбэх хайысхалаах успуорт саалатын тутуохтара, анал казначейскай кирэдьиитинэн – Дьокуускай куорат Спортивнай түөлбэтигэр элбэх хайысхалаах чэбдигирдэр-успуорт комплексын, “Тыа сирин кэлимсэ сайыннарыы” бырагырааманан – Сунтаар сэлиэнньэтигэр успуорт комплексын.

Итини таһынан, “СӨ физическэй култуураны сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааманан Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр 1000 миэстэлээх стадион уонна элбэх хайысхалаах успуорт-чэбдигирдэр комплексын, Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы уонна Уус Алдан улууһун Танда сэлиэнньэлэригэр успуорт саалаларын үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Саха сиригэр кэлиҥҥи биэс сылга “Демография” национальнай бырайыагын киллэрэн туран араас бырагыраамаларынан 36 успуорт улахан эбийиэктэрэ аһыллыбыттара. Итиэннэ ГТО тестирование киинигэр 37 успуорт дьоҕус былаһаакката тэриллибитэ, тэрилтэлэри, успуорт оскуолаларын саҥа тэрилинэн  хааччыйыы барар.

Сыаллаах-соруктаах үлэ ыытыллыытын түмүгэр, чөл олоҕу уонна маассабай успуорду тарҕатыыга, ону тэҥэ, успуорт инфраструктуратын тутуу түмүгэр успуордунан утумнаахтык дьарыктанар өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаана кэлиҥҥи биэс сылга 1,7 төгүл эбиллэн, 2023 сылга Саха сирин нэһилиэнньэтин уопсай ахсааныттан 55 % тэҥнэстэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago