Успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Спартакиадаҕа 600-чэ кыттааччыттан сайаапка киирдэ
Саамай элбэх кыттааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Нерюнгри оройуонун уонна Дьокуускай куорат хамаандалара буоллулар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Спартакиадаҕа барыта 599 спортсмены 28 муниципальнай хамаандата түмтэ. Кинилэр успуорт уон көрүҥэр мэтээллэр иһин киирсиэхтэрэ. Саамай элбэх кыттааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Нерюнгри оройуонун уонна Дьокуускай куорат хамаандалара буоллулар.
Мандаатнай хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, хайыһар күрэхтэһиитигэр – 112, хоккейга – 127 спортсмен кыттарын туһунан эттэ. Бу күрэхтэһии көрүҥнэрэ саамай элбэх кыттааччыны түмтэ.
«Спартакиада 2007 сылтан саҕаламмыта. Бу иннинэ пандемияттан сылтаан Саха сирин чөмпүйэнээттэрин суотугар ааҕыллара, билигин толору сөргүттүбүт», — диэн бэлиэтиир СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов.
Алдаҥҥа бүгүн, кулун тутар 26 күнүгэр, күрэхтэһии бырагыраамата хайыһарга күрэхтэн уонна сноуборд успуорт көрүҥүттэн саҕаланар. Спартакиадаҕа барыта успуорт уон көрүҥэр мэтээл оонньонуоҕа. Нерюнгрига хоккейга матчтар, фигурнай катанияҕа уонна хотугу троеборьеҕа күрэхтэр буолаллар. Күрэхтэһии үксэ Алдаҥҥа ыытыллыаҕа. Онно хайыһарга күрэс, биатлон, хайыһарга спортивнай ориентирование, кыһыҥҥы многоборье, шорт-трек, сноуборд уонна хайа хайыһарын успуорда ыытыллыахтара диэн СИА иһитиннэрэр.
Спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта бүгүн, кулун тутар 26 күнүгэр, күнүс 14.00 чаастан ыытыллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: