Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2024 сылга Саха сиригэр отоннору уонна үүнээйи аһын хомуйуу болдьоҕун олохтообутунан, моонньоҕону уонна уулаах отону атырдьах ыйын ортотуттан хомуйуохха сөп.
Ол курдук, киин оройуоннарга уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар уулаах отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн, хоту оройуоннарга атырдьах ыйын бүтүүтэ хомуйарга сөп буолар.
Уохтаны хоту оройуоннарга атырдьах ыйын бастакы декадатыттан саҕалаан хомуйар көҥүллэнэр. Хара уулаах отону быйыл Мииринэй улууһугар атырдьах ыйын саҕаланыыта, оттон Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйан саҕалыахха сөп. Кедр эриэхэтэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн, оттон сорох оройуоннарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн ситэр.
Куйаас, кураан күннэр туралларынан ойуурга кутаа уотун туһаныы көҥүллэммэт. Бэйэҕитин кытта бэлэм астаах уонна тиэрмэскэ итии аһылыктаах сылдьыҥ. Ойуурга сылдьыы быраабылатын тутуһуу күөх ойуурбутун баһаартан көмүскүөҕэ.
Саха быһаҕа байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха байыаһын өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан видеоны "Военкоры Якутии"…
СӨ ИДьМ үлэһиттэрэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх 41 саастаах киһи сымыйа дааннайдардаах РФ пааспарын илдьэ сылдьарын…
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…