Саха сиригэр волонтердар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр хайдах көмөлөһөллөрүн манна ааҕыҥ:
Саха сиригэр #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа волонтердара быстах хомуур хампаанньата саҕаланыаҕыттан манна кыттар дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр туһунан 1543 сайаапканы толордулар. Балартан “суһал линия” 122 төлөпүөнүнэн 600 тахса көрдөһүү киирбитэ. Бу туһунан бүгүн аахсыйа эрэгийиэннээҕи штабын салайааччыта Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыгар 500 тахса волонтер байыаннай сулууспалаахтар ураты килиимэттээх эрэгийиэҥҥэ олорор дьиэ кэргэттэригэр дьиэ-уот, хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарыыга көмөлөстүлэр.
“Холобура, бу өрөбүл күннэргэ Өлөөн оройуонун волонтердара иһэр мууһу бэлэмнээһиҥҥэ “Муус күрэҕэ” куонкуруһу тэрийдилэр. Тэрээһин түмүгүнэн #МЫВМЕСТЕ аахсыйаҕа баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр хомуурга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин мууһунан хааччыйдылар”, — диэтэ Винокуров.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…