Саха сиригэр XXII  «Манчаары оонньуулара» спартакиадаҕа бэлэмнэнэллэр

Share

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр 1000 миэстэлээх успуорт комплекса уонна стадион тутуута салҕанар.

XXII спартакиадаҕа «Манчаары оонньуулара» успуорт национальнай көрүҥнэригэр бэлэмнэнии үлэтин хаамыыта бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковтыын улууска ыытыллыбыт тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар көрүлүннэ.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан «Манчаары оонньуулара» успуорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиада 2025 сыл от ыйыгар Таатта улууһугар ыытыллыаҕа.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа национальнай успуорт көрүҥнэрин тарҕатыыга уонна  маассабай успуорт көрүҥнэрин курдук сайыннарыыга үлэлиэхтээх.

Тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын иннинэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Чөркөөххө модульнай успуорт саалатын эбийиэгэр уонна Ытык Күөлгэ успуорт былаһааккаларын тутуу миэстэлэригэр сырытта. Успуорт уораҕайын эбийиэгэ уонна 1000 миэстэлээх стадион 2025 сыл бастакы аҥаарыгар тутуллан бүтэрэ күүтүллэр. Билиҥҥитэ эбийиэктэр сыбаайалара бары туруоруллубуттар. Үлэ кыраапык быһыытынан ыытыллар.

Трибуналаах ипподром тутуутугар сир учаастага быһаарыллыбыт. Бырайыактыыр докумуоннар судаарыстыбаннай эспэртииһэ үчүгэй түмүктэрин ылбыттар.  Дьүүллэһии түмүгэр Сергей Местников Ытык Күөл, Чөркөөх, Боробул сэлиэнньэлэрин тупсарыыга үлэ быйыл саҕаланарыгар сорудахтаата.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

7 часов ago