Саха сиригэр ЯК-40 салгын аала кэллэ
Саха сиригэр ардаҕы ыҥырар зондировщик-сөмөлүөт кэллэ.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 18 күнүгэр, Як-40 ардаҕы ыҥырар зондировщик-сөмөлүөт кэллэ. Бу ойуур баһаарын утары охсуһууга ардаҕы ыҥырар Росгидромет салгын аала иккис сылын үлэлиэ. «Бу сөмөлүөт кэлбитинэн, былырыыҥҥыттан саҕаламмыт сири-уоту сиигирдии үлэтин салгыахпыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу үлэни тэрийбитэ«, — диэн бэлиэтиир киин аэрологическай обсерватория (Рогсидромет) киинин начаалынньыга Баграт Данелян. Маны сэргэ, быйыл эрэгийиэҥҥэ баһаары утары охсуһарга «Полярные авиалинии» авиахампаанньа баазатыгар Ан-26 салгын аалыгар ардаҕы аҕалар тэрили туруоруохтара диэн этиллэр.
Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин сорудаҕынан, былырыын эспэримиэн иитинэн Саха сиригэр Госгидромет ардаҕы ыҥырар икки зондировщик-сөмөлүөтэ үлэлээбитэ. Бу салгын ааллара 27 көтүүнү оҥорбуттара, 130-тан ордук чаас үлэлээбиттэрэ. Маны сэргэ, Авиалесоохрана «Циклон» Ан-26 сөмөлүөтэ ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлээбитэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: