Салгыы
Саха сиригэр үөрэх тэрилтэлэригэр мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиитэ уларыйар

Саха сиригэр үөрэх тэрилтэлэригэр мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиитэ уларыйар

Ааптар:
28.03.2025, 17:30
Хаартыска: ru.freepik.com
Бөлөххө киир:

Ил Түмэҥҥэ кулун тутар ыйга Саха сиригэр үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнээччилэргэ бастакы мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү оҥорууну тэрийиини тупсарар туһунан сокуон барыла оҥоһуллан киирдэ.

Докумуон Ил Түмэн саайтыгар таҕыста. Норуот дьокутааттара уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр оҕолорго мэдииссинэ көмөтүн тэрийии кыһалҕатын туһунан Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр олоҕуран, үөрэх тэрилтэлэригэр оҕолор үөрэнэр кэмнэригэр доруобуйаларын туруга мөлтөөн иһэрэ бэлиэтэммитинэн, ону сэргэ ыытыллар сэрэтэр дьаhаллар ситэтэ суохтарынан оҥорбуттар.

Ол курдук, быһаарыы сурукка ыйыллыбытынан, уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго мэдиссиинэ көмөтүн тэрийии атын киэбинэн киллэриллэр, онон мэдиссиинэ көмөтүн мэдиссиинэ тэрилтэтин штатыгар баар мэдиссиинэ үлэһиттэрэ оҥорор буолуохтара.

Оттон аҕыйах ахсааннаах үөрэнээччилээх үөрэх тэрилтэлэригэр уонна Хоту дойду төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттарын үөрэх тэрилтэлэригэр мэдиссиинэ көмөтө мэдиссиинэ тэрилтэтигэр ыытыллар диэн чопчуланна. Сокуон ылылыннаҕына, бэчээккэ тахсыбыт күнүн кэнниттэн 10 күн ааспытын кэннэ күүһүгэр киирэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 марта
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 50% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: