Саха сиригэр үгүс оройуоннарынан кыралаан хаар түһэрэ күүтүллэр
12.10.2024, 07:00
Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр, синоптиктар бары оройуоннарынан кыралаан хаар түһэрин билгэлииллэр.
Томпо улууһугар уонна Халыма оройуонугар хаар түһэрэ күүтүллэр, Уус Майа улууһугар инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар. Халымаҕа сөҥүүтэ суох, атын улуустарынан кыралаан хаардыыр. Хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх күүстээх тыалырыа.
Салгын температурата түүн -3-8°, былыта суох буоллаҕынан -13-18°С кыраадыс тымныы, соҕуруулуу-илин 0,-5° кыраадыс сөрүүн. Күнүс салгын температурата 0,-5°С, хотугулуу-арҕаа -5-10°С, соҕуруу өттүгэр, Халымаҕа -3,+2°С кыраадыс сылаас.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, салгын температурата түүн 0 -2°С кыраадыс сөрүүн, күнүс 0 -1°С кыраадыс буолара күүтүллэр.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: