Салгыы
Саха сиригэр үлэ булуутугар уонна бэйэ дьыалатын арыныыга 1600-тэн тахса социальнай хантараак түһэрсиллибит

Саха сиригэр үлэ булуутугар уонна бэйэ дьыалатын арыныыга 1600-тэн тахса социальнай хантараак түһэрсиллибит

02.12.2025, 15:40
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр үлэ булуутугар, бэйэ дьыалатын арыныыга, тус хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 1697 социальнай хантараагы түһэрсибиттэр. Ити сыалга анаан быйыл дойду уонна эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 600 мөл. солк. тахса суума көрүллүбүтүн туһунан Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.  

“Социальнай хантараакка олоҕурбут судаарыстыбаннай социальнай көмө кыра дохуоттаах, үлэ көрдөнөр эбэтэр бэйэ дьыалатын арынар былааннаах, тус хаһайыстыбатын сайыннарар дьоҥҥо суолталаах өйөбүлүнэн буолар. Быйылгы сылтан тустаах үлэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак иитинэн барар” – диэн Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина бэлиэтиир.

Саха сирин хас биирдии улууһугар социальнай хантараак көмөтүнэн сатабылларын, талааннарын олоххо киллэрэн дьиэ кэргэн дохуотун үрдэтэр ыал элбэх. Ол курдук, Евдокия Протодьяконова быйыл социальнай хантараак түһэрсэн Чурапчыга “Колымчанка” ателье арыммыт.

Сиһилии иһитиннэриини ылар уонна социальнай хантараак түһэрсэр инниттэн улуус дьаһалтатыгар, МФЦ офиһыгар эбэтэр олорор сиргитинэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун социальнай управлениетыгар тиийэргит ирдэнэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар. Салгыы манна ааҕыҥ.

Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: