Саха сиригэр үлэлиир саастаах инбэлиит дьон аҥаарын кэриҥин үлэҕэ ылар баҕалаахтар
Саха сиригэр “Үлэлиир Саха сирэ. Инклюзия” үлэлиир саастаах, инбэлиит дьону үлэҕэ ылыыга бырайыагы саҕалаатылар. Ол чэрчитинэн кинилэртэн 50 бырыһыаннарын үлэҕэ ыларга соруктаналлар.
Маны хайдах ситиһэр туһунан вице-премьер Георгий Степанов ыыппыт Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын иһинэн Инбэлииттэр дьыалаларыгар сэбиэт мунньаҕар дьүүллэстилэр. Георгий Степанов Саха сирэ инклюзивнай уопсастыбаны тэрийиигэ дьулуһарын, киһи бэйэтин кыаҕыттан тутулуга суох үлэҕэ тиксэр бырааптааҕын бэлиэтээтэ.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр инбэлииттээх дьону үлэлээх-дьарыктаах оҥорууга кубуота 74 % эрэ туолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэһит илиигэ наадыйыы улахан кэмигэр инбэлииттэри үлэнэн хааччыйыы уонна дьарыктаах оҥоруу тумус тутулуохтаах”, — диэтэ вице-премьер.
Өрөспүүбүлүкэ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтэ этэринэн, Саха сиригэр билигин үлэлиир саастаах 23000 инбэлиит баар. Дьадайыыны утары Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан үлэҕэ ылар тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Мунньах түмүгүнэн 2030 сылга диэри инбэлииттээх дьону дьарыктаах оҥорууга тэрээһиннэри ылыннылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: