Саха сиригэр үлэлиир саастаах инбэлиит дьон аҥаарын кэриҥин үлэҕэ ылар баҕалаахтар

Share

Саха сиригэр “Үлэлиир Саха сирэ. Инклюзия” үлэлиир саастаах, инбэлиит дьону үлэҕэ ылыыга бырайыагы саҕалаатылар.  Ол чэрчитинэн кинилэртэн 50 бырыһыаннарын үлэҕэ ыларга соруктаналлар.

Маны хайдах ситиһэр туһунан вице-премьер Георгий Степанов ыыппыт  Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын иһинэн Инбэлииттэр дьыалаларыгар сэбиэт мунньаҕар дьүүллэстилэр. Георгий Степанов Саха сирэ инклюзивнай уопсастыбаны тэрийиигэ дьулуһарын, киһи бэйэтин кыаҕыттан тутулуга суох үлэҕэ тиксэр бырааптааҕын бэлиэтээтэ.

“Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр инбэлииттээх дьону үлэлээх-дьарыктаах оҥорууга кубуота 74 % эрэ туолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэһит илиигэ наадыйыы улахан кэмигэр инбэлииттэри үлэнэн хааччыйыы уонна дьарыктаах оҥоруу тумус тутулуохтаах”, — диэтэ вице-премьер.

Өрөспүүбүлүкэ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтэ этэринэн, Саха сиригэр билигин үлэлиир саастаах 23000 инбэлиит баар. Дьадайыыны утары Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан үлэҕэ ылар тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Мунньах түмүгүнэн 2030 сылга диэри инбэлииттээх дьону дьарыктаах оҥорууга тэрээһиннэри ылыннылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чараас муус кутталлаах

Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Үөһээ Бүлүү балыыһата икки сыл иһигэр түөрт улахан аппарааттанна

"Доруобуйа" доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматынан Үөһээ Бүлүү улуустааҕы балыыһатыгар кэнники икки сыл…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сыыппара

Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта  үрдээтэ

Саха сиригэр бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 2024 сыл тохсунньу-балаҕан ыйдарыгар ааспыт сыл бу кэминээҕэр 108,6%…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Тыа сирдэригэр — аптека пууннара

Аптеката суох  нэһилиэктэргэ уонна бөһүөлэктэргэ дьону-сэргэни эминэн-томунан хааччыйар туһуттан мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр 365 пуун аһыллан үлэлиир.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Инсульт – сэрэппэккэ кэлэр ыарыы

Инсульт диэн тугуй? Киһи уорганыгар ыарыы дьайыыта. Инсульт (лат. Insultus «охсуу»). Инсульт сэрэппэккэ кэлэр ыарыы, мэйии…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эргиллиэм хайаан да…

Артыыс өрөгөйдөөх күнүгэр лыык курдук тоҕуоруспут көрөөччү иннигэр, хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтэтэн оонньуура, этэрэ-тыынара --…

2 часа ago