Саха сиригэр үс күннээх кутурҕан биллэрилиннэ

Share

Саха сирэ бүттүүнэ ыар сүтүктэннэ. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр 86 сааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Михаил Ефимович Николаев олохтон туораата. Өрөспүүбүлүкэҕэ үс күннээх кутурҕан биллэрилиннэ.

Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ уонна дойду дьиҥнээх патриота этэ. Кини тиһэх күннэригэр диэри Саха сирин интэриэһин көмүскүү турбута. Кини өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар умнуллубат суолу-ииһи хаалларда. Хаалларбыт нэһилиэстибэтэ өлбөт үйэлээх. Кэнэҕэски көлүөнэ кини экэниэмикэҕэ, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, култуурунай, духуобунай кылаатын махтанан өйдүөҕэ, саныаҕа. Саха норуотун дириҥ кутурҕанын тэҥҥэ үллэстэбит.

«Ыар аһыы уонна кутурҕан. Михаил Ефимович Саха сиригэр тугу оҥорбутун барытын суруйар, кэпсиир кыаллыбат. Киниэхэ мэлдьи бириинсиптээх буолуу, күүс-уох, халбаҥнаабат дьулуур уонна амарах санаа, дьоҥҥо таптал – барыта тэҥҥэ дьүөрэлэһэллэрэ. Кини кэми өтө көрөрө, элбэҕи ыраланара. Хас биирдии Саха сирин олохтооҕор Михаил Ефимович чугас киһи. Бастакы. Улуу. Биһиги киэн туттуубут, баайбыт. Үйэ, кэм-кэрдии киһитэ», — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Михаил Ефимович дьиэ кэргэнигэр уонна чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.

Ил Дархан кини санаата, бөлүһүөктүү сүбэлэрэ-амалара олоххо үйэ саас тухары тулхадыйбат тосхоллорунан хаалыахтара диэн бэлиэтээтэ.

Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

14 часов ago