Салгыы
Саха сиригэр үс оҕо сүппүт чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Саха сиригэр үс оҕо сүппүт чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Ааптар:
12.08.2024, 15:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтэ Булуҥ улууһугар үс кыыс сөтүөлүү сылдьан сүппүттэрин чахчытынан холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, оҕолор сүппүттэрин туһунан иһитиннэрии өрөбүл күн, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, киирбит. Өлүөнэ эбэ кытылыгар, Күһүүр сэлиэнньэтиттэн 20 км тэйиччи сиргэ оҕолор атахтарын таҥаһа, таҥастара-саптара булуллубут. Икки кыыс 13 саастаахтар, биир кыыс— 16-лаах. Оҕолор  ханна бааллара билиҥҥитэ биллибэт, Саха сирин Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэриитинэн, эбэҕэ оҕолору көрбүт туоһу баар. Силиэстийэлиир уорганнар көрдүүр дьаһаллары ыыталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, Булуҥ улууһугар күнүс 14.00 чаастан анал оборудованиелаах водолазтар көппүттэрэ.

Ону тэҥэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэт пресс-сулууспата  оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбаккытыгар санаттылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
10
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: