Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтэ Булуҥ улууһугар үс кыыс сөтүөлүү сылдьан сүппүттэрин чахчытынан холуобунай дьыала тэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, оҕолор сүппүттэрин туһунан иһитиннэрии өрөбүл күн, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, киирбит. Өлүөнэ эбэ кытылыгар, Күһүүр сэлиэнньэтиттэн 20 км тэйиччи сиргэ оҕолор атахтарын таҥаһа, таҥастара-саптара булуллубут. Икки кыыс 13 саастаахтар, биир кыыс— 16-лаах. Оҕолор ханна бааллара билиҥҥитэ биллибэт, Саха сирин Быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэриитинэн, эбэҕэ оҕолору көрбүт туоһу баар. Силиэстийэлиир уорганнар көрдүүр дьаһаллары ыыталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, Булуҥ улууһугар күнүс 14.00 чаастан анал оборудованиелаах водолазтар көппүттэрэ.
Ону тэҥэ Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэт пресс-сулууспата оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбаккытыгар санаттылар.
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…