Саха сиригэр үс игирэ уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт ыалга дьиэ ыларга социальнай төлөбүр көрүллүө

Share

Саха сиригэр үс игирэ уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ атыылаһалларыгар эбэтэр тутталларыгар биир кэмнээх төлөбүр бэриллиэ.

Ааспыт 12 сылга маннык көмөнү 20 ыал уопсайа 100 мөл. солк. тахсаны ылбыта. Чуолаан, өрөспүүбүлүкэҕэ 2023 сылга биир кэмнээх маннык харчынан көмөнү 4 ыал ылбыт. Бу холбоон 22,3 мөл. солк. суумаҕа тэҥнэспит диэн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Үс игирэ уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт ыалларга биир кэмнээх харчынан төлөбүрү биэрии бэрээдэгэ, олорор дьиэни атыылаһыыга эбэтэр тутууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэммитэ.

Бу өйөбүл демографическай суолталааҕынан, төлөбүрү биэрии олорор усулуобуйаны тупсарыыга наадыйыы ирдэбилигэр да, атын да хааччахтааһыны учуоттаабакка бэриллиэхтээх диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ саамай элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннээх эрэгийиэнинэн буолар. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ 1 миэстэни уонна дойду үрдүнэн 8-с миэстэни ылар. Саха сирин демографическай балаһыанньата тупсарыгар федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһаллар өйөбүл буолаллар.

Кэнники 5 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕо төрөөһүнүн өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 8 төгүл улаатта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар сөп түбэһиннэрэн «Сүүс сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал дьаһала Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан өссө 5 сылга, ол аата 2027 сылга диэри уһатылынна. Оттон «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала үһүс уонна ол кэнниттэн кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ икки төгүл – 300 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта.

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

1 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

3 часа ago