Саха сиригэр «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда филиалын арыйыахтара

Share

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Нерюнгригэ сырыытын кэмигэр «Защитники Отечества» байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай пуонда бэрэссэдээтэлэ Анна Цивилева Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр пуонда филиалын арыйыы боппуруостарынан сүбэ мунньаҕы ыыттылар.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Бу хайысхаҕа үлэ олунньу ыйтан саҕаламмыта. Биһиги «Биир түннүк» көрүҥүнэн өйөбүл миэрэтин оҥоробут. Оройуоннарбытын, куораттарбытын бу үлэҕэ кытыннарабыт. Волонтердар көмөлөһөллөр. Биһиги пуонда үлэтигэр бары өттүнэн көмөлөһөргө, пуонда отделениетыгар үлэлиир миэстэ биэрэргэ бэлэммит, — диэтэ Айсен Сергеевич сүбэ мунньахха.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Анна Цивилева өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар үлэни суһаллык тэрийиини көҕүлүүрүн иһин махтанна.
Биһиги социальнай сүрүннээччилэри бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтобутун ууруохпут. Дьон пуонда отделениетыгар кэлэн наадалаах көмөнү ыларын ситиһиэхтээхпит, — диэтэ Анна Цивилева.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Социальнай сүрүннээччилэри үөрэтиини сотору кэминэн саҕалыахтара. Онон үгүс көмө оҥоһулларыгар кыах уурулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago