Саха сиригэр “Земскэй тириэньэр” бырагыраама үлэлиэҕэ
Бүгүн физическэй култуура уонна успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов “Тайм-Аут” тэлэбиисэринэн, араадьыйанан быһа эпииргэ сыллааҕы үлэ-хамнас, соруктар туһунан кэпсээтэ. Онно кини быйылгыттан Саха сиригэр “Земскэй тириэньэр” бырагыраама үлэҕэ киирэрин иһитиннэрдэ.
“Земскэй тириэньэр” бырагыраама успуорка аан маҥнайгытын киирдэ. Быйыл кубуоталары Уһук Илин уокурукка уонна түөрт саҥа эрэгийиэҥҥэ биэрдилэр. Эһиилгиттэн эрэгийиэннэр бары хапсыахтаахтар. Саха сиригэр быйыл 3 кубуота, эһиил 18 кубуота көрүллэн турар. Тириэньэр 50 тыһ. улахана суох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, биэс сылга дуогабарынан үлэлии барар түгэнигэр 2 мөл. солк. төлөбүр бэриллэр. Миэстэтигэр хамнас, олорор дьиэ көрүллүөхтээх.
Тыа сиригэр тириэньэрдэр үлэлии бараллара олус уустук, онон каадыр боппуруоһун быһаарарга тустаах бырагыраама төһүү күүс буолуох кэриҥнээх. Бырагыраамаҕа кыттыан баҕалаах элбэх эбит. Билиҥҥитэ ханнык көрүҥ буолара чопчулана илик”, – диэн миниистир кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: