Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА,
Бүгүн физическэй култуура уонна успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов “Тайм-Аут” тэлэбиисэринэн, араадьыйанан быһа эпииргэ сыллааҕы үлэ-хамнас, соруктар туһунан кэпсээтэ. Онно кини быйылгыттан Саха сиригэр “Земскэй тириэньэр” бырагыраама үлэҕэ киирэрин иһитиннэрдэ.
“Земскэй тириэньэр” бырагыраама успуорка аан маҥнайгытын киирдэ. Быйыл кубуоталары Уһук Илин уокурукка уонна түөрт саҥа эрэгийиэҥҥэ биэрдилэр. Эһиилгиттэн эрэгийиэннэр бары хапсыахтаахтар. Саха сиригэр быйыл 3 кубуота, эһиил 18 кубуота көрүллэн турар. Тириэньэр 50 тыһ. улахана суох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, биэс сылга дуогабарынан үлэлии барар түгэнигэр 2 мөл. солк. төлөбүр бэриллэр. Миэстэтигэр хамнас, олорор дьиэ көрүллүөхтээх.
Тыа сиригэр тириэньэрдэр үлэлии бараллара олус уустук, онон каадыр боппуруоһун быһаарарга тустаах бырагыраама төһүү күүс буолуох кэриҥнээх. Бырагыраамаҕа кыттыан баҕалаах элбэх эбит. Билиҥҥитэ ханнык көрүҥ буолара чопчулана илик”, – диэн миниистир кэпсээтэ.
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Людмила Попова "Сүрэх бааһа" кэпсээнин…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтигэр кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ тутуллубута. Саҥа социальнай эбийиэк 51 куойка-миэстэлээх,…
Бүгүн кэлэр нэдиэлэни былааннааһын күнэ. Сулустар ис туругу бөҕөргөтөргө уонна чугас дьону кытта бары ситими…
Дьокуускай 202‑с микро-оройуонугар элбэх өҥөнү оҥорор “Патриот” ыччат киинин аһыллыыта ааспыт сыл биир бэлиэ түгэнинэн…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы "Киһи күн…
Уот Кыһыл Сылгы сыл кэлбитинэн тапталлаах Дьөһөгөйбүт оҕото атын кыыллартан туох уратылааҕын билэ-көрө түһүөҕүҥ. Былыргы…