Саха сиригэр үлэ гимнастиката киллэриллэр

Саха сиригэр үлэ гимнастиката киллэриллэр

16.11.2023, 20:21
Хаартыска: Ил Дархан пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Үлэ сылын биллэрбитигэр, СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка  министиэристибэтэ үлэ гимнастикатын киллэрэр туһугар кэлэктииптэргэ методологическай пособиелары уонна ыйыылары-кэрдиилэри ыыппыта.

«Үлэ гимнастиката бигэ турук, үлэлиир көх улаатарын туһугар оҥоһуллар. Үлэһиттэр кылгас эрчиллиилэр көмөлөрүнэн үлэ кэмигэр эти-сиини чэбдигирдэр эрэ буолбакка, кэлэктииби кытары түмсэр уонна истиҥ эйгэни үөскэтэр кыахтаналлар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ кэлэктииптэригэр гимнастиканы киллэрии кинилэр доруобуйаларын тупсарарга, үлэ дьиссипилиинэтин  бөҕөргөтөргө уонна ыарыыны сэрэтэргэ көмөлөһүөҕэ.  Дьон бэйэтин доруобуйатын бөҕөргөтөр туһугар  эрчиллиилэри оҥорорго дьоһуннаахтык сыһыаннаһара суолталаах”, — диэтэ физическэй култуура уонна  успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов.

Үлэ гимнастикатыгар араас идэҕэ аналлаах 4 бөлөх уонна бары идэҕэ аналлаах (универсальнай) 1 бөлөх баар. Үлэ гимнастикатын 6-8 эрчиллииттэн турар биир кэлим комплеһа үлэ кэмигэр сылайбат туһугар  7 мүнүүтэ устата оҥоһуллар. Билигин манан 13 549 үлэһит (былырыыҥҥытааҕар 2 963-нэн элбэх киһи) дьарыктанар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: