Кырдьаҕас Суздаль куорат 1000 сылынан аан дойдутааҕы «Душа России» бэстибээл-быыстапкаҕа Саха сирин 12 маастардара кытыннылар. Тарбахтарыгар талааннаахтар бөлөхтөрүн СӨ норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева салайар.
Бу туһунан «Хаҥалас» хаһыат суруйар. Саха сириттэн маастардарбыт бэстибээл үөрүүлээх арыллыытыгар кытыннылар. Култуура үтүөлээх үлэһитэ, «Эркээни эдэр сааһа» үҥкүү ансаамбылын өр сылларга салайан кэлбит Василиса Романова тэрээһини саха үҥкүүтүнэн арыйда, биллэр алгысчыт, оһуокайдьыт Людмила Пустолякова алҕаата, арчылаата.
Маннык быыстапкаларга кыаҕа баарынан көх-нэм буолан кыттар Кыһыл Үрүйэттэн Дарья Константинова Суздальга сылдьан кэпсээтэ.
Таарыччы эттэххэ, Евдокия Дмитриевна биһикки бу манна барбыт норуот маастардарын Мира Алексееваны, Мария Аманатованы, Мотрена Захарованы кытары бу саас Казахстаҥҥа Саха сирин күннэригэр быыстапкаҕа кыттыбыппыт. Олус астык этэ. Биһиги атын эрэгийиэннэр үлэлэрин көрөн эмиэ астынан, уопут атастаһан, элбэх саҥаны биллибит уонна Сахабыт сирин маастардарын билиһиннэрэн кэлбиппитинэн киэн туттабыт. Уопсайынан, үлэлэрбит, кэтэ сылдьар таҥаспыт, симэхпит сөхтөрдө», -диир Дарья Константинова.
Людмила Мордовская.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…