Салгыы
Саха сирин 14 нэһилиэгэр мобильнай сибээс уонна интэриниэт холбонуоҕа

Саха сирин 14 нэһилиэгэр мобильнай сибээс уонна интэриниэт холбонуоҕа

Ааптар:
26.07.2024, 20:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Быйыл Өлүөхүмэ Куду Күөлүгэр, Муома Буор Сыһыытыгар, Ньурба Үөдэйигэр, Эбээн Бытантай Эбэтигэр, Амма Сэргэ Бэһигэр,  Томпо Арыы-Толоонугар,  Өлүөхүмэ Дабааныгар, Нам Өргөлөөҕөр, Эдьигээн Кыстатыамыгар, Томпо Охотскай Перевоһугар, Абый Күбэргэнигэр, Орто Халыма Сылгы Ытарыгар, Кэбээйи Лүксүнүгэр, Абый Сутуруохатыгар түргэн тэтимнээх интэриниэт холбонуоҕа .

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Ростелеком» Бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Цифровой экономика»национальнай бырайыак чэрчитинэн «Сыыппараҕа тэҥэ суох буолуу 2.0» федеральнай бырайыагынан мобильнай ситим 4G баазовай ыстаансыйаларын тутан үлэҕэ киллэриэҕэ. 2021 уонна 2022 сылларга хампаанньа 500-кэ диэри нэһилиэнньэлээх  27 нэһилиэккэ интэриниэт холбообута. Маны таһынан, Саха сиригэр магистральнай ВОЛС ситимин тутууга уонна 86 уустук суоллаах ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уонна 11 Арктика оройуоннарыгар 7 тыһыынчаттан тахса км уһуннаах «Синергия Арктики» социальнай хайысхалаах бырайыагы олоххо киллэрэр. Бырайыак РФ Сыыппараҕа министиэристибэтин кытта оҥоһуллубута.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Кирово-Жиганскай маршрутунан ВОЛС тутуллан, үрдүк  тэтимнээх интэриниэт Бэстээх, Баханай уонна Жиганск бөһүөлэктэринэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. Онуоха 359 км кэриҥэ усталаах ВОЛС тардылынна. Жиганскайга суотабай сибээс лииньийэтэ киириэҕиттэн 4G кыамталаах интэриниэт тубуста. 2024 сыл бүтүөр диэри «Синергия Арктики» бырайыак бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннарын оҥорон бүтэрэрэ былааннанар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: