Салгыы
Саха сирин 300-тэн тахса ыалыгар “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэни туттардылар

Саха сирин 300-тэн тахса ыалыгар “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэни туттардылар

18.12.2024, 15:30
Хаартыска: Саргын Скрябин.
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина гражданскай акт уорганын үлэһиттэрин үөрүүлээх мунньаҕар уонна сэминээр-мунньах аһыллыытыгар иһитиннэрдэ.

Наҕарааданы дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн, ыал буолуу институтун бөҕөргөтөр, дьиэ кэргэн олохсуйбут сыаннаһын киэҥник тарҕатар соруктаах биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев олохтообута.

“Айсен Николаев ЗАГСа көҕүлээһинин өйөөбүтэ итиэннэ бэйэтин ыйааҕынан “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэни олохсуппута. Күн бүгүн маннык бэлиэнэн 305 ыал наҕараадаланна. Маны тэҥэ, Ил Дархан өйөбүлүнэн өссө биир суолталаах бырайыак олоххо киирдэ – ЗАГСа дьиэтин тас өттүгэр үөрүүлээх быһыыга кэргэннии буолууну судаарыстыбаннайдык бэлиэтээһиҥҥэ эбии миэстэни бигэргэтии” – диэн Ольга Балабкина эттэ.

Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 2024 сыл 11 ыйыгар 4 495 ыал баар буолбут, 9 917 оҕо төрөөбүтэ бэлиэтэммит.

ЗАГС аныгы уоргана үлэтигэр саҥа технологиялары – дьон өҥөнү туһаныыта судургутуйарын туһугар сыыппара өҥөтүн, үлэлэригэр тупсарыыны туһанарын бэлиэтээтэ.

РФ Юстициятын министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга Алексей Носов этэринэн, “Рождение ребенка” Суперсервис нөҥүө оҕо төрөөһүнүн бэлиэтэтиинэн Саха сирэ Уһук Илин уокурукка инники, дойдуга 18-с миэстэҕэ сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ЗАГС управлениетын салайааччыта Дария Слепцова чахчытынан, ааһан эрэ сыл 11 ыйын түмүгүнэн, ыал буолуу аактатын бэлиэтээһин 101% көрдөрүүлээх, юридическай суолталаах үлэни оҥорууга – 104%.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
18 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: