Саха сирин 300-тэн тахса ыалыгар “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” бэлиэни туттардылар

Share

Быйыл Саха сирин 305 ыала “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэнэн наҕараадаланна. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина гражданскай акт уорганын үлэһиттэрин үөрүүлээх мунньаҕар уонна сэминээр-мунньах аһыллыытыгар иһитиннэрдэ.

Наҕарааданы дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн, ыал буолуу институтун бөҕөргөтөр, дьиэ кэргэн олохсуйбут сыаннаһын киэҥник тарҕатар соруктаах биллэрбит Дьиэ кэргэн сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев олохтообута.

“Айсен Николаев ЗАГСа көҕүлээһинин өйөөбүтэ итиэннэ бэйэтин ыйааҕынан “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ураты бэлиэни олохсуппута. Күн бүгүн маннык бэлиэнэн 305 ыал наҕараадаланна. Маны тэҥэ, Ил Дархан өйөбүлүнэн өссө биир суолталаах бырайыак олоххо киирдэ – ЗАГСа дьиэтин тас өттүгэр үөрүүлээх быһыыга кэргэннии буолууну судаарыстыбаннайдык бэлиэтээһиҥҥэ эбии миэстэни бигэргэтии” – диэн Ольга Балабкина эттэ.

Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 2024 сыл 11 ыйыгар 4 495 ыал баар буолбут, 9 917 оҕо төрөөбүтэ бэлиэтэммит.

ЗАГС аныгы уоргана үлэтигэр саҥа технологиялары – дьон өҥөнү туһаныыта судургутуйарын туһугар сыыппара өҥөтүн, үлэлэригэр тупсарыыны туһанарын бэлиэтээтэ.

РФ Юстициятын министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга Алексей Носов этэринэн, “Рождение ребенка” Суперсервис нөҥүө оҕо төрөөһүнүн бэлиэтэтиинэн Саха сирэ Уһук Илин уокурукка инники, дойдуга 18-с миэстэҕэ сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ЗАГС управлениетын салайааччыта Дария Слепцова чахчытынан, ааһан эрэ сыл 11 ыйын түмүгүнэн, ыал буолуу аактатын бэлиэтээһин 101% көрдөрүүлээх, юридическай суолталаах үлэни оҥорууга – 104%.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Дьиэ кэргэн ипотекатынан” кирэдьиит бэриллэ турар

Оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга көмөлөһөр «Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраама Саха сиригэр салгыы үлэлиир. Бырагыраама…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Табаарыһын ийэтиттэн кыһыл көмүс киэргэли уорбут

Дьокуускай куоракка биир дьахтартан дьиэтиттэн  50 тыһ. солк. кыһыл көмүс  сыапачыкатын  уорбуттар. Дьахтар сүтүгүн ирдэһэр…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сергей Черкашин: “Норуокка чугас буолуохха наада”

“Норуокка чугас буолуохха наада.  Ол иһин, мин айанныыр кэмнэрбэр нэһилиэнньэни кытары кэпсэтэбин, кинилэр ыйытыыларын уонна…

1 час ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр – “ГЛОБАЛ КАРС”

Бүгүн Дьокуускайга Бэчээт дьиэтин пресс-киинигэр "ГЛОБАЛ КАРС” XЭТ массыына саҥа холдинын биһирэмэ  буолла. Саҥа хампаанньаҕа…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Буруйу оҥорооччу сим-каартаны суох гынан суолбун кистээтим дии санаабыт

ИДьМ Хаҥалас улууһунааҕы салаатыгар олохтоох киһи сайабылыанньалаах кэлбит. Бу киһиттэн сим-каартата уонна счетуттан 28 000…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чааһынай оптуобустар маршруттарын уларытыы төрүөтэ

Куорат оптуобустарын сырыытын кыс ортото уларытыы - мээри кытта көрсүһүүгэ биир сытыы боппуруоһунан буолла. Бу…

2 часа ago