Саха сирин 41 оскуолатыгар биир да бүтэрээччи биир кэлим эксээмэни туттарбатах

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сарсын үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын улахан тэрээһинигэр кыттыахтаах. Туох соруктары туруоруоҕай?

Оҕолорбутугар хайдах үөрэҕи биэрэрбититтэн биһиги инникибит быһаччы тутулуктаах диэн кини ыйытыыга хоруйдуон иннинэ бэлиэтээтэ.

— Бүгүҥҥү түргэн тэтимнээхтик уларыйа турар олохпутугар үөрэх хаачыстыбата улахан суолталаах. Оҕолорбут ханна үөрэнэллэриттэн тутулуга суох тэҥ хаачыстыбалаах үөрэҕи ылыахтаахтар. Онтон суох кыра кэмпилиэктээх дуу, мөлтөх преподавательскай састааптаах дуу оскуолаларга үөрэнэр оҕолорбутун олоххо үктэнэллэригэр куонкурустаһар кыаҕа суох дьылҕалыыбыт, – диэн эттэ итиэннэ быйыл 10-11-с кылаастардаах 41 оскуолаҕа биир даҕаны оҕо биир кэлим эксээмэни туттарбатаҕыттан соһуйбутун биллэрдэ. “Ол аата эрдэттэн үрдүк үөрэххэ туттарса даҕаны сорумматахтар. Оччоҕо бу оскуолаҕа тоҕо 10-11 кылаас наада диэн ыйытыы үөскүүр. 9-с кылааска хайысхаларынан арааран, сөптөөх исписээлинэһи ылалларын туһугар тохсус кылаас кэнниттэн кэллиэстэргэ ыытар ордук буолбатах дуо?” – диэн эттэ.

Ону кытта быйыл элбэх оҕо биир кэлим эксээмэҥҥэ уустугурдуллубут математиканы, физиканы, химияны, биологияны, информатиканы  талан туттарбыттарын бэлиэтээтэ. Ол да буоллар кыһалҕалар баалларын, ол туһунан этэр ирдэнэрин ыйда.

Recent Posts

  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар

Кэһии (тэттик кэпсээн)

Былыр-былыргыттан саха ыала алаастарынан бытанан да олордор, үлэлэрин-хамнастарын үмүрү тутан, күөххэ үктэммиччэ алаастарыттан аймахтарыгар ыалдьыттаһаллара.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кистэл кистэлэҥинэн… олох сүүрүк хоту устар

Кыргыттар оскуоланы бүтэрэн баран, соҕуруу куоракка кэлэн үөрэнэн, үлэлээн, бэйэлэрин дьоллоох дьонунан ааҕыналлар. Бары араас…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьонноох снегоход муус анныгар түстэ

Өлөөн улууһугар дьонноох  «Буран» муус анныгар түстэ. Бу туһунан ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Ол курдук түөрт…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ким биэнсийэтэ сэтинньиттэн үрдүүрүй?

Арассыыйа социальнай пуондата 2025 сыл сэтинньитигэр уочараттаах биэнсийэни хаттаан ааҕыытын ыытыаҕа. Үрдээбит биэнсийэни 80-тан үөһэ…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Зумердар” уонна “альфалар”

Элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэр тутуллан дьэндэспит кыбаарталларыгар, хас дьиэ аайы тиэргэнигэр оҕо былаһаакката баар. Онно…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Софья Барановалыын биир уратылаах киэһэ

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Чингиз Айтматов "Буранный полустанок" арамаанынан, Трофим Кириллин тылбааһынан Василий…

6 часов ago