Саха сирин 5 бырайыага Уһук Илиҥҥэ тупсаҕай эйгэни тэрийии куонкуруһун бастакы түһүмэҕин ааста

Share

Бүгүн, муус устар 28 күнүгэр, Магадаҥҥа Уһук Илин субъектарын куораттарыгар тупсаҕай эйгэни тэрийии бырайыактарын куонкуруһун бастакы түһүмэҕин түмүгэ билиннэ. Саха сириттэн биэс бырайыак 32 бастыҥ үлэ иһигэр киирдэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ. 

Ол курдук:

  • Ленскэй куорат. “Орджоникидзе уулуссанан сатыы киһи сылдьар сирин сайыннарыы» – 50 мөл. солкуобай.
  • Бороҕон сэлиэнньэтэ. “Н.Н.Окоемов аатынан кытылы тупсаҕай оҥоруу» – 50 мөл. солкуобай.
  • Жатай бөһүөлэгэ. “Шамшин аатынан бульвары тупсаҕай оҥоруу” – 50 мөл. солкуобай.
  • Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтэ. “Кыайыы болуоссатын тупсаҕай оҥоруу» – 50 мөл. солкуобай.
  • Үөһээ Бүлүү. “И.Н.Барахов аатынан сквери тупсаҕай оҥоруу”  — 100 мөл. солкуобай.

«Кыайыылаахтары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Бу ыытыллыбыт үлэ көхтөөх, талааннаах дьон үлэтин түмүгэ. Онон бу ылбыт үптэрин-харчыларын көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ киһи сылдьарыгар уонна сынньанарыгар табыгастаах миэстэ элбиэҕэ. Истиҥ эҕэрдэбин тутуҥ! Маладьыастар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

15 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чараас муус кутталлаах

Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…

12 часов ago