Саха сирин аҕыс улууһугар ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 14 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан чэппиэргэ, бэс ыйын 27 күнүгэр, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Ааспыт сууккаҕа космос уонна көтөр аалынан кэтээн көрүү түмүгүнэн, Саха сиригэр 3597,5 гектар иэннээх сиргэ 20 ойуур баһаара күөдьүөйбүтэ бэлиэтэннэ . 7184,5 га сиргэ 14 ойуур баһаара умуруорулунна.  Абый, Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Таатта, Орто Халыма уонна Уус Алдан улуустарыгар ойуур баһаарын умуруоруута ситиһилиннэ»,- диэтэ кини.

Өлүөхүмэҕэ биэс уонна Таатта, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар биирдии уот турбутат тохтотулунна.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка саҕаланыыта 619 984 гектар иэннээх сиргэ  176 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр уонна11 083 гектар иэннээх 3 ландшафтнай», — диэтэ Андрей Коноплев.
Ойуур баһаарын бохсууга 1430 киһи үлэлээтэ уонна 73 тиэхиникэ туһанылынна. Биэс улууска муниципальнай эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгытын эрэсиимэ үлэлиирэ салҕанар.
«Бэс ыйын 26 күнүттэн  Саха сиригэр ураты баһаарынай эрэсиимэ үлэҕэ киирбитэ. Ойуурга гражданнар сылдьаллара хааччахтанар», — диэтэ кини.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

10 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

24 минуты ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

55 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

58 минут ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago