Саха сирин айылҕатын көстүүтүнэн аккырыыкка оҥоруохтара
19.06.2024, 19:30
Хаартыска: Объясняем.
Бөлөххө киир:
“Көр – бу Саха сирэ” хаартысканан күрэс түмүгэ билиннэ. Саха сириттэн үс бастыҥ хаартысканы талбыттар диэн Объясняем. Республика Саха иһитиннэрэр.
Амма, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттааччылар ыыппыт 205 үлэлэриттэн үс бастыҥы талбыттар.
Ол үлэлэр кэккэлэригэр Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо Надежда Алаганчакова ыыппыт үлэтин бэлиэтээбиттэр. Кини үлэтэ “Айылҕа” номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсыбыт. Кыайыылаахтар үлэлэринэн буочта аккырыыккатын оҥоруохтара диэн суруйаллар.
Чахчы, хартыынаттан түспүт, анаан-минээн айбыт ойуу курдук. Сахабыт сиригэр бу курдук кэрэ, хатыламмат көстүүлэр бааллар, өйдөөн көрөр, үйэтитэр эрэ ирдэнэр.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: