Саха сирин алта дзюдоиһа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ
Дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн Саха сирин алта спортсмена дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ. Бу туһунан пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Дзюдо өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын толорооччу дириэктэрэ Гавриил Семенов иһитиннэрдэ.
Арассыыйа чөмпүйэнээтэ Сириус федеральнай территорияҕа ыытыллыбыта. Күрэхтэһиигэ Карина Ефимова чөмпүйүөн, Надежда Татарченко үрүҥ көмүс призер буолары ситиспиттэрэ. Итиэннэ өссө икки спортсмен биэс бастыҥ иһигэр киирбит.
«Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар дойду чөмпүйэнээтин биэс күүстээҕэр киирбиттэр талыллаллар. Саха сириттэн Карина Ефимова, Аина Моисеева, Ольга Лихота уонна Надежда Татарченко киирдилэр. Итиэннэ юниордарга Сайыына Петрова уонна Полина Иудина бааллар. Сүүмэрдэммит хамаанда дьарыктанар баазата Сочига баар, кыргыттар онно баран эрчиллэр буолуохтара», — диэн Гавриил Семенов иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: