Салгыы
«Саха сирин амтана» бэстибээл Арктика куукунатыгар ананыаҕа

«Саха сирин амтана» бэстибээл Арктика куукунатыгар ананыаҕа

19.11.2024, 16:33
Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри үгэс быһыытынан ыытыллар “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” тэрээһин чэрчитинэн “Саха сирин амтана” (“Вкус Якутии”) гастрономическай бэстибээл ыытыллыаҕа.

Бу суолталаах тэрээһин 2016 сыллаахха Гастрономическай туризм эйгэтигэр “Бастыҥ туристическай тэрээһин” хайысхаҕа Национальнай бириэмийэ Гран-при хаһаайынынан буолбута. Былырыын тэриллибитэ үбүлүөйдээх 10 сылын бэлиэтээбит «Cаха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хайа күн тэриллиэҕиттэн Саха сирин, Сибиир, Арктика, Уһук Илин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн билиһиннэрэн кэллэ. Быйылгы тэрээһин Арктика куукунатыгар ананыаҕа. Онно сыһыаннаах  устудьуоннарга уонна баҕалаах дьоҥҥо кулинарнай маастар-кылаастар, күрэстэр, санаа атастаһар “төгүрүк остуоллар” ыытыллыахтара.

Гастрономическай бэстибээли төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, СӨ Ыалдьытымсах буолуу ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова иһитиннэрбитинэн, үгэс быһыытынан быйыл эмиэ дойду араас эрэгийиэннэриттэн ааттаах-суоллаах экспердэр кэлэн, эрэстэрээннэр асчыттарын сонун идиэйэлэргэ кынаттыахтара, араас сүбэни биэриэхтэрэ, бэйэлэрин уопуттарыттан үллэстиэхтэрэ.

— “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээли сыл аайы СӨ Ыалдьытымсах буолуу ассоциацията Дьокуускай куорат мэриятын култуураҕа салаатын кытта тэрийэн ыытабыт. Быйылгы тэрээһиҥҥэ “Республика”, “Махтал”, “Крыша”, “Сквозь зеркало”, “Чукча”, “Орто Дойду”, “Kitchen”,  “Зелёный город”, “Кабинет” уонна “Кантри Стейк” эрэстэрээннэр кыттыыны ылыахтара. Быйыл сонун сүүрээни олоххо киллэрэн, марийскай уонна татарскай куукунаны билиһиннэриэхпит. Марий Эл Өрөспүүбүлүкэтин Йошкар-Ола куоратыттан «Царский окорок» бренд ааптардара Иван уонна Юлия Антроповтар бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрүөхтэрэ, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыттан Казаньтан кэлбит аатырбыт кулинардар татаар куукунатын билиһиннэриэхтэрэ. Сэтинньи 29 күнүгэр «Арчы» дьиэтигэр сүктэр кыыс чэйин бэлэмнээһин сиэрин-туомун көрдөрүөхпүт. Сэтинньи 30 күнүгэр “Сэргэлээх” ас-үөл кэмбинээтэ «Өбүгэ аһа» диэн тэрээһини билиһиннэриэҕэ.

Былырыын “Орто дойду” эрэстэрээнэ бэрт сонун “Гастрономическай тыйаатыр” диэн Олоҥхо тыйаатырын кытта холбоһуктаах тэрээһини трийбитэ. Бу дьыл түөрт кэминэн саха дьоно астарын көрүҥүн билиһиннэрии буолар. Быйыл бу эрэстэрээн эмиэ киһи болҕомтотун тардар тэрээһини бэлэмнии сылдьар.

Быйылгы “Саха сирин амтана” бэстибээл Арктика куукунатыгар ананар буолан, ахсынньы 1 күнүгэр “Триумф” култуурунай-спортивнай кииҥҥэ Аҕыйах ахсааннаах норуоттар астарын-үөллэрин быыстапката, куукуналарын көрдөрүү буолуоҕа.

Быйылгыттан Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылынан “Атласовтар уһаайбалара” эрэстэрээн бренд-шеф асчыта Николай Атласов оҕолору ас астыырга үөрэтэн эрэр. Бу суолталаах тэрээһиммит чэрчитинэн Николай Васильевич  арктическай куукуна кулинарнай оскуолатын билиһиннэриэҕэ.

Былырыын эрэстэрээннэр күрэстэһиилэригэр “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕынан «Аврора» эрэстэрээннэр комплекстара буолбута. Быйыл күөн күрэскэ эрэстэрээннэр “киирсиилэрэ” тыҥааһыннаах буолуоҕа – бары сыл аайы бэстибээлгэ кыттар буолан, баай уопуту мунньуннулар. Онон бары кыттааччыларга ситиһиини баҕарабыт! — диэн санаатын үллэһиннэ СӨ Ыалдьытымсах буолуу ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова.

Кэлэр нэдиэлэттэн «Саха сирин амтана» бэстибээлгэ кыттан, төрөөбүт дойдубут амтанын амсайыан баҕалаахтар бу үөһээ ааттаммыт эрэстэрээннэргэ сылдьарга бэлэмнэниҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: