«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Share

Бүгүн «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр «Махтал» эрэстэрээҥҥэ аһылынна.

Тэрээһин Марий Эл өрөспүүбүлүкэтиттэн Иван уонна Юлия Антроповтар национальнай куукуналарын билиһиннэриититтэн саҕаланна.
Ыалдьыттары саха омугун сиэринэн уот оттон, алгыс этэн арчылаатылар.

Урбаан миниистирэ Тимур Ханды Саха сирэ ас-үөл салаатын сайыннарыыга Приморскай кыраай кэнниттэн дойдуга 2-с миэстэҕэ сылдьарын бэлиэтээтэ. «Кэрэхсэбиллээҕэ баар, «Саха сирин амтана» гатрономическай бэстибээл ыытыллыаҕыттан куораппыт эрэстэрээннэригэр саха төрүт аһа бастыҥ бүлүүдэнэн буолла», — диэн эттэ урбаан миниистирэ.

«Быйыл ыалдьыттарбыт Красноярскайтан, Москваттан, Татарстантан, Марий Элтан дойдубут эрэгийиэннэрин национальнай куукуналарын аҕалан билиһиннэриилэрин сонун сүүрээн быһыытынан бырагыраамаҕа киллэрдибит. Онон бу тэрээһиммит дириҥ ис хоһооннонон иһэр», — диэн бэлиэтээтэ «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Татьяна Тымырова. Кини бүгүн күнүс «Республика» эрэстэрээн бэйэтин куонкурустааҕы бүлүүдэлэрин билиһиннэрбитин, араас өрөспүүбүлүкэттэн кэлбит шеф-асчыттар устудьуоннарга маастар-кылаастары ыыппыттарын эттэ.

Марий Эл бэрэстэбиитэллэрэ Юрий уонна Юлия Антроповтар өрөспүүбүлүкэлэрин бырабыыталыстыбатын кытта мари норуотун национальнай аһын-үөлүн кэпсииргэ, сырдатарга сөбүлэҥ түһэрсибиттэр эбит. Кинилэр саха асчыттарын кытта кэлиҥҥи сылларга дойду араас куораттарыгар ас бэстибээллэригэр сылдьан билсибиттэр.

«Мин хомуска оонньуур буолан, Саха сиригэр бу музыкальнай инструмент норуот киэн туттуутунан буоларын билэбин. Миигин хомуска оонньуурга Алтай ойууннара үөрэппиттэрэ» диэн эттэ. Мари Эл татаардары кытта ыаллыы олорор буолан, астара майгыннаһар эбит. Сүрүн астара — кабан, сибиинньэ этэ, оҕуруот аһа. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар марилар салаакка клубника эбэллэрин сонуннук ылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

3 часа ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

4 часа ago