Салгыы
«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл дойду асчыттарын түмтэ

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл дойду асчыттарын түмтэ

29.11.2024, 19:12
Хаартыска: Елена Потоцкая түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин амтана” тэрээһиҥҥэ, Арассыыйа эрэгийиэннэрин  ааттаах-суоллаах асчыттара кэлэн уопуттарын атастаһа, ыччаттары повар идэтигэр уһуйа сылдьаллар.

Бу 11-с сылын ыытыллар гастрономическай бэстибээл урукку сыллартан уратыта буолар.

Ресторатордар бэйэ-бэйэлэрин кытта  ыкса сибээстээхтэр,   куонкуруска ким хайдах бэлэмнэммитин кэтээн, үөрэтэн көрөн күөн көрсөллөр.

Бэстибээлгэ Арассыыйа асчыттарын түмэр Chefs Team Russia бэрэсидьиэнэ Николай Сарычев  кэлэн кыттыбыта, бу тэрээһини олус үрдүк таһымнаата.

Кини бары эрэстэрээннэр асчыттарын түмэн  «төгүрүк остуол» ыытта, Новосибирскайтан уонна Тулаттан кэлбит ас астааһыҥҥа туттуллар тума, сыыр, арыы араастарын оҥорон таһаарар тэрилтэлэри кытта билиһиннэрдэ уонна туманы туттуу кистэлэҥэр маастар-кылаас оҥорон, баай уопутун атастаста.

Мин Саха сиригэр алтыһын кэллим. «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэҕэ үһүс кыттыым. Онон саха аһын өрүү амсайабын. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, асчыттар ”Индигииркэ” салаат көрүҥүн сайыннаран иһэллэрин бэлиэтии көрдүм. Ол курдук, “баай амтан»: соя, терияки тумалар, пармезан сыыр “кыттыһар” буолбуттар. Эспэримиэн, биллэн турар, сайдыы суола. Урукку өттүгэр астарыгар тууһа аҕыйаҕын бэлиэтиир этим. Быйыл ол ханан да суох – ас амтаны тупсарар туус бары аска толору баар. Убаһа быарыттан аһы Арассыыйа олохтооҕун үгүс өттө өйдүүрэ саарбах. Ол эрээри асчыт уолаттар итини учуоттаан, убаһа этиттэн саҕалаан ис буотараҕар тиийэ киһини кэрэхсэтэр бүлүүдэлэри толкуйдууллара үөртэ. Арассыыйа шеф-пуобардара саха аһын амтаныттан балык аһы ордук болҕомтоҕо ылан, бэйэлэрин дойдуларыгар астыылларыгар эрэнэбин. Интэриэс улахан, онон “Индигииркэ” дойду эрэстэрээннэригэр баар буолуоҕар саарбахтаабаппын. Биир бэйэм бу бүлүүдэни менюга киллэрэр толкуйдаахпын, — диэн санаатын үллэһиннэ Chefs Team Russia асыттар уопсастыбаларын бэрэсидьиэнэ, HoReCa  SilverFork консалтинговай хампаанньа төрүттээччитэ, дириэктэрэ уонна шеф-пуобара, Москваҕа «Шеф» лабораторияны  тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, асчыт Николай Сарычев.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, асчыттар санааларын атастаһар, ас астаан көрдөрөр «төгүрүк остуолларыгар» устудьуоннар эмиэ кыттыыны ыллылар.

19 саастаах Чурапчыттан сылдьар Урсун Красильников АГАТУ иһинэн баар пуобар идэтигэр орто үөрэх кыһатыгар үөрэнэр эбит. «Былырыыҥҥыттан бэстибээлгэ көмөлөһөөччү быһыытынан сылдьабын. Үөрэхпитигэр наһаа туһалаах тэрээһин. Оҕо сааспыттан асчыт буолуохпун баҕарабын. Ийэм наһаа үчүгэйдик астыыр этэ. Ордук миин араас көрүҥүн астыырбын ордоробун. Хаан, буотарах аһы олус сөбүлээн буһарабын«, -диэн санаатын үллэстэр эдэр киһи.

Аатырбыт асчыт «Саха сирин амтана» бэстибээл дойду асчыттарыгар биллэрин-көстөрүн этэн туран,  араас тэрээһиннэргэ кинилэрэ суох сатамматтарын бэлиэтээтэ: «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээли төрүттээччилэр, бу тэрээһини дойду таһымыгар инники күөҥҥэ илдьэ сылдьар  Татьяна Тымырова уонна Николай Атласов саха аһын биһиги тэрийэр бэстибээллэрбитигэр хото сырдатан, киэҥник сураҕыртылар», -диэн бэлиэтээтэ Николай Сарычев.

Ити курдук, дойдуга биллэр ааттаах-суоллаах, уопуттаах асчыттара  Саха сирин эрэстэрээннэрин шеф-пуобардарын биир сиргэ түмэн санааларын атастаһаллара, сүбэлииллэрэ — «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл биир сүрүн соруга.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: