Салгыы
«Саха сирин амтана» үбүлүөйдээх бэстибээл үөрүүлээхтик аһылынна

«Саха сирин амтана» үбүлүөйдээх бэстибээл үөрүүлээхтик аһылынна

29.11.2023, 09:45
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Быйыл тэриллибитэ үбүлүөйдээх 10 сылын бэлиэтиир «Cаха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хайа күн тэриллиэҕиттэн Саха сирин, Сибиир, Арктика, Уһук Илин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн билиһиннэрэн кэллэ.

Ол да иһин буолуо, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ куораттарын уонна улуустарын кииннэрин эрэстэрээннэрэ уонна кафелара төрүт норуоттар астарын хото астыыр, билиһиннэрэр буоллулар. Маныаха  «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл улахан өҥөлөөҕө чахчы. Бу туһунан бэстибээли аһыы үөрүүлээх түгэнигэр СӨ Ресторатордарын ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова анаан бэлиэтээтэ:

«Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл өрөспүүбүлүкэбит, нууччалыы эттэххэ, «визитнэй карточкатынан» буолла. Үбүлүөйдээх тэрээһини тэрийээччилэр, киин куорат ааттаах-суоллаах эрэстэрээннэрин шеф-пуобардара Арассыыйа гимнин хорунан ыллаан аспыттара бэрт сонуннук көһүннэ.

Үбүлүөйдээх  «Саха сирэ амтана» бэстибээл мустубут ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссээдээлин солбуйааччы Анатолий Семенов уонна Урбаан миниистирэ Тимур Ханды.   «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл аһыллыыта “Муус Хайа” эрэстэрээҥҥэ гастрономическай тыйаатыр сонун көрүҥүнэн барда.

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт «Атласовтар уһаайбалара» бренд-пуобара Николай Атласов балыгы кыһыы ньыматын билиһиннэрдэ:

Саха сирин ресторатордарын ассоциациятын салайар Татьяна Тымырова 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээл быйылгы 10 уратытын бэлиэтээтэ:

Бастатан туран, быйыл дойдуга аатырбыт тэрээһиҥҥэ киин куорат 12 бастыҥ эрэстэрээннэрин  бүлүүдэлэрин шеф-пуобардар бэйэлэрэ тахсан, астыыр ньымаларын көрдөрө-көрдөрө билиһиннэриэхтэрэ.

Иккиһинэн, ыалдьыттарга эрэстэрээннэр бэйэлэрин билиһиннэриилэрэ гастрономическай тыйаатыр көрүҥүнэн барыаҕа. Холобура,  Олоҥхо дэкээдэтэ бара турарынан сибээстээн, “Орто дойду” эрэстэрээн Олоҥхо тыйаатырын кытта кэрэхсэбиллээх тэрээһини ыытыахтара. Ол эбэтэр култуура уонна саха аһын үгэһин уратытык билиһиннэриэхтэрэ.

Үсүһүнэн, Арассыыйа норуоттарын куукунатын билиһиннэрии буолуоҕа. Биллэр ресторатор Екатерина Шаповалова (былырыыҥҥы бэстибээлгэ кэлэн дьүүллүүр сүбэни салайбыта) тэрийиитинэн Арассыыйа эрэгийиэннэрин түмэр “Арассыыйа гастрономическай каартата” бырайыак РФ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн үлэлиир. Бу дойду эрэгийиэннэрин куукуналарын сайыннарыыга үлэлэһэр бырайыакка 66 өрөспүүбүлүкэ, кыраай, уобалас киирэр. Биһиги бэйэ-бэйэбитин кытта ыкса билсэн, ыалдьыттаһар буоллубут. Ол курдук, Мурманскайага, Новосибирскайга, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка, Камчаткаҕа гастрономическай бэстибээллэргэ баран кэллибит. Онно сылдьан билсибит доҕотторбут Кемероваттан – Сибиир, Мурманскайтан (үс хамаанда кыттар) – арктическай норуоттар уонна Владивостоктан — Уһук Илин эригийиэннэрин норуоттарын куукуналарын ааттаах-суоллаах ресторатордара  билиһиннэриэхтэрэ.

Төрдүһүнэн, быйылгы бэстибээлгэ бочуоттаах ыалдьытынан, дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн Казахстантан «Бамбарбия-Кергуду» эрэстэрээн дириэктэрэ  Серикхан Адильханов буолуоҕа. Урбаанньыт эт бородууктаны астыыр уонна атыылыыр «Айкул» хампаанньаны төрүттээччи, кулинариянан уонна араас дойду төрүт аһын үөрэтиинэн дьарыктанар.

Бэсиһинэн, устудьуоннар ортолорлоругар туспа бүлүүдэлэр куонкурустара ыытыллыаҕа. Биһиги бэйэбит туйах хатарааччыларбытын эрдэттэн бэлэмниибит.

Алтыһынан, урукку кыайыылаах эрэстэрээннэр куонкуруска кыттыбаттар – бэстибээл чэрчитинэн бэйэлэрин уопуттарын тарҕатан, сонун бүлүүдэлэрин билиһиннэриэхтэрэ.   Ол оннугар эрэстэрээн биисинэһигэр саҥа суолларын тэлэн эрэр «Чукча», «Кантри-стейк», «Кабинет» эрэстэрээннэр ааттарын ааттатыахтара.

Сэттиһинэн, олохтоох шеф-пуобардар кэлиилэри кытта кыттыһан, түөртүү киһи буолан,  киэһээҥҥи аһылык бүлүүдэлэрин билиһиннэриэхтэрэ.

Ахсыһынан, бэстибээлгэ кыттар кэлии пуобардар дойдуларыттан аҕалбыт бородууксуйаларын билиһиннэриэхтэрэ уонна олохтоох оҥорон таһаарааччылар астарын кытта холбоон, араас бүлүүдэлэрин айыахтара.

Тохсуһунан, куонкуруска кыттар эрэстэрээннэргэ сылдьан, кэлиҥҥи үс сылга Москваттан уонна дойду атын эрэгийиэннэриттэн астааһын технологиятын үөрэппит шеф-пуобардар үлэлэрин түмүгүн көрүөхпүт.

Онуһунан, олохтоох бородууксуйалары оҥорон  таһаарар бииргэ үлэлиир партнердарбытын киэҥ араҥаҕа билиһиннэриэхпит, ааттарын доҕоонноохтук ааттыахпыт. Ол курдук, бэстибээл «Альфа-Банк» АУо өйөбүлүнэн ыытылларын биллэрэн туран,  «Саюри» агрокомплекс, иһитиннэрэр MOST сыһыарыы – официальнай партнердарбыт буолалларын киэн тутта кэпсиэхпит. “Аччыгый баһаар”  фермердэр ырыынактарын, «Якутия» ФАПК-ны,  «Туймаада»  агрохолдины, Мархатааҕы В.Ф. Кабохин аатынан «Сибирь»  племенной сибиинньэни иитэр комплекс, “Саха сиригэр оҥоһулунна” өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттарын ассоциациятын курдук спонсордарбытын махтана бэлиэтиэхпит.

Дьэ, ити курдук дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыллар быйылгы 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл.

Салгыы бэстибээл аһыллыытын үөрүүлээх түгэннэрин галереяҕа хаартысканан кэпсиибит:

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: