Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр, ахсынньы 9 күнүгэр, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа Дьоруойдарыгар «Кыһыл көмүс сулус» мэтээллэри туттарда.
Тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн Арассыыйа Дьоруойдара Алексей Колесов, Алексей Неустроев, Филипп Евсеев, Игорь Юргин уонна Николай Евдокимов кытыннылар.
«Бүгүн, Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр, дойдубут уонна инники кэскилбит туһугар, үлэнэн, дьыаланан, хорсун быһыынан көрдөрбүт бар дьоммутугар сүгүрүйэбит. Кинилэри барыларын, Дьоруойдарбытын, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолуулара, үрдүккэ, кэрэҕэ тардыһыылара, Ийэ дойдуга тапталлара түмэр. Киэн туттабыт!», – диэтэ Владимир Путин.
Бэрэсидьиэн Арассыыйа Федерациятын Дьоруойдарыгар, ол иһигэр төрөөбүт дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут Михаил Избракевка уонна Владимир Гавриленкоҕа наҕараадаларын туттарда.
Судаарыстыба баһылыга дойдуга «Время героев» каадыры бэлэмниир анал бырагыраама үлэлиирин санатта уонна билигин бастакы кыттааччылларын ортолоругар 60- тан тахса «Хорсун быһыы» уордьан кавалера, ону таһынан 21 байыас Арассыыйа Дьоруойун аатын сүгэр байыас баар.
Арассыыйа Дьоруойа, «Время героев» бырагыраама кыттыылааҕа, СӨ Ыччакка уонна социальнай коммуникация дьыалаларыгар миниистир эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргин үөрүүлээх тэрээһин Кириэмил Георгиевскай саалатыгар ыытыллыбытыттан ураты долгутуулаах буолбутун бэлиэтээтэ.
«Олус долгуйдум. Бэрэсидьиэн анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин чахчы элитанан уонна Арассыыйа киэн туттуутунан ааттаата. Владимир Владимирович доруобуйаны уонна олоҕу харыстаабакка төрөөбүт дойдутун уонна норуотун көмүскээһин ураты миссия буоларын бэлиэтээтэ. Ону таһынан биһиги доҕотторбутун көрүстүбүт», – диэн Игорь Юргин кэпсээтэ.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…