Саха сирин архитектордара “ДВ Зодчество-2024” бэстибээлгэ кыайдылар

Share

Ыам ыйын 19 күнүгэр Хабаровскайга Арассыыйа үтүөлээх архитектора Александр Ческидов аатынан 27-с төгүлүн ыытыллар “ДВ Зодчество-2024” Уһук Илиҥҥи архитектура бэстибээлэ түмүктэннэ.  Күрэс түмүгүнэн Саха сирэ 17 кыһыл, 37 үрүҥ көмүс уонна икки боруонса дьупулуому уонна Хабаровскайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы кыһыл кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ.  

“Сыаналаах наҕараадалартан биирдэстэринэн, “Саха сирин архитектордарын сойууһа”, Ил Дархан иһинэн архитектураҕа, градостроительствоҕа управлениета уонна Өрөспүүбүлүкэ куорат эйгэтин боппуруостарыгар компетенциятын киинэ “Якутия – взгляд в будущее” аритектурнай үлэлэрин композицияларыгар ылбыт наҕараадалара – Хабаровскайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы дьаарбаҥка кыһыл көмүс мэтээллэрэ буолар. Экспозиция “Саха сирин архитектордарын сойууһун” 60 сылыгар ананна” – диэн Сойуус бэрэссэдээтэлэ Семен Никифоров санаатын үллэһиннэ.

Архитектурнай бырайыактар көрүү-күрэстэрэ – бэстибээл сүрүн тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ, кыттааччылар бэйэлэрин үлэлэригэр ордук чаҕылхай, сэргэх аныгы уларыйыылары көрдөрдүлэр.  Ол курдук, “Архитектура жилых зданий и комплексов раздела постройки” номинацияҕа кыһыл көмүс дьупулуомунан “ДСК-проект” кэлэктиип маҕаһыыннаах, сылаас тохтобуллаах уонна Дьокуускай куоракка Бүлүүлүүр суол 3 км. үөрэтэр-иитэр кмплекстаах элбэх кыбартыыралаах дьиэни олоххо киллэриилэрэ наҕараадаланна.

Үрүҥ көмүс дьупулуомунан “Горпроект” ХЭУо “Дьокуускай куорат Байкалов уулуссатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэтэ. 1-кы нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ” эбийиэгин иһин наҕараадаланна. Бырайыак кылаабынай архитектора – Николай Алексеев. Боруонса дьупулуому “ЛСТК-Проект” ХЭУо Николай Алексеев, Владислав Нестеров, Семен Никифоров ааптардар кэлэктииптээх Дьокуускай куорат 16-с түөлбэтигэр тутуллубут 3-с нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуутун иһин ыллылар.

Итини таһынан, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара 8 кыһыл, 14 үрүҥ көмүс дьупулуому туттулар. Саха сирин архитектордарын сойууһун иһинэн үлэлиир архитектура, дизайн оскуолатын үөрэнээччилэрэ эмиэ үрдүк ситиһиини көрдөрдүлэр – 8 кыһыл, 20 үрүҥ көмүс дьупулуом. Сиһилии манна ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр быраастар 70-ча саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостообуттар

Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Эспиэрдэр кыбаас туһатын сыаналаатылар

Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун байыаннай дьайыыга кылаатын үрдүктүк сыаналаата

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Оҥоһуу өй сахалыы кэпсэтэр, оннооҕор хоһоон суруйар…

Сайдыы балысханнык хардыылаан, Оҥоһуу өй, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ, “Искусственнай интеллект” диэн саҥа технология баар…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ соцреабилитацияны ааһаллар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор  реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Харах далыгар — саха ытын боруодата

Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын боруода быһыытынан…

1 час ago