Саха сирин баһылыгар хандьыдааттар дебаттара: демография боппуруоһа
Бүгүн, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эпииргэ Саха сирин баһылыгын дуоһунаһыгар хандьыдааттар иккис дебаттара буолан ааста.
Виктор Губарев, Айсен Николаев уонна Гаврил Парахин өрөспүүбүлүкэҕэ демография уонна оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана элбиирин туһунан бэйэлэрин санааларын эттилэр.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турар Айсен Николаев Саха сирин нэһилиэнньэтэ элбээһинэ экэниэмикэ сайдыытын, социальнай эбийиэктэри тутууну уонна хаарбах дьиэттэн гражданнары көһөрүүнү кытары сибээстээх диэн бэлиэтээтэ.
Оттон ЛДПР-тан хандьыдаат Гаврил Парахин сорох дьон өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Дьокуускай куоракка хаалыахтарын баҕарбаттарын, кирэдьииттэрэ элбэҕин эттэ.
КПРФ-тан хандьыдаат Виктор Губарев «Демография» нацбырайыак туһата суоҕун, Саха сирин нэһилиэнньэтин оҕолоох дьиэ кэргэнин 82% дьадаҥы буоларын бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: