Саха сирин байыаһа Айсен Николаевка байыаннай дьайыыттан аҕалбыт дронун туттарда

Share

Бэҕэһээ Айсен Николаев уоппускатыгар дьиэтигэр кэлбит «Чех» диэн позывнойдаах  байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха сирин байыастарын ааттарыттан өрөспүүбүлүкэ баһылыгар байыаннай сулууспалаахтарга оҥоһуллар көмө иһин махтанна уонна инники кирбиигэ сылдьан суулларбыт трофей оҥостубут өстөөх дронун туттарда.

«Бу дрон наводчик этэ. Үксүгэр маннык дроннар снарядтаах буолаллар, камикадзе курдуктар, оттон бу снаряда суох этэ. Манна «Баба-Яга» дроҥҥа ыйан биэрэр түүҥҥү приборга көстөр тыаһы таһаарар уонна сырдыыр уоттардаах бырагыраамалаах этэ. Уолаттар дрону куттала суох оҥорон каартатын уонна лаампаларын ылан кэбиспиттэрэ. Үксүгэр маннык дроннар бары эстэр тэриллээхтэр, ол иһин ону суох оҥорорго сэрэхтээх, анал билиилээх уонна сатабыллаах буолуохтааххын», — диэн байыас дрон туттуллуутун туһунан кэпсээтэ.

Айсен Николаев саллаакка байыаннай сулууспатын, бойобуой сорудаҕы толоруу кэмигэр көрдөрбүт бэриниилээх, хорсун быһыытын иһин махтанна.

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа мобилизацияланан ыҥырыллыбыт уонна ГРУ спецназ биригээдэтигэр сулууспалыыр. Кини БПЛА полигонун оҥорууга кыттыбыт. Байыаннай дьайыыга бойобуой сорудахтары толорон Жуков мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Уоппускатын кэнниттэн, бэйэтин чааһыгар төннүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

6 часов ago