Саха сирин байыастара аһылыктарын сирбэттэр
Ил Дархан Айсен Николаев Приморскай кыраай байыаннай чааһыгар өрөспүүбүлүкэ байыастарын кытта көрсүһүүтүн иитинэн остолобуойга сырытта.
“Көрсүһүү кэнниттэн биһиги байыастарбыт киэһээҥҥи аһылыктарыгар остолобуойга бардылар. Күҥҥэ үстэ аһаталлар. Күннээҕилэригэр оҕуруот аһа, фрукта, сибиэһэй эт өрүү баар. Уолаттары кытта кэпсэттим, астарын сөбүлээбиттэр, минньигэс дииллэр”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтиир.
Итини сэргэ, эрэгийиэн салайааччыта саллааттар олорор усулуобуйаларын бэрэбиэркэлээбит. Хаһаарымаларын соторутааҕыта өрөмүөннээбиттэр, сырдаабыт, кэҥээбит. Уопсай хоско утуйаллар, устаабынан көҥүллэнэр тус малларын туумбаларга ууран тураллар. Мэдиссиинэ туспа чааһа баар, дьарыктаналларыгар тренажернай саалалаахтар уонна стадионнаахтар. Душтанар хоһунан, таҥас сууйар массыынанан, өтүүктүүр тэрилинэн хааччыйбыттар. Өрөбүл ахсын баанньыктаналлар эбит. Чаастарыгар итэҕэллээхтэр сылдьалларыгар анал хос баар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Хаартыска: Андрей СОРОКИН (СИА).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: