Саха сирин байыастара ЛНР судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттулар
Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ «За отвагу» мэтээлинэн «Боотур» этэрээт байыастара Семён Комаров, Эрсан Андреев, Борис Аников, Прокопий Саввинов, Михаил Тогонохов, Бронислав Ускеев уонна Ростислав Мараказов наҕараадаланнылар.
«Бу дьиҥнээх дьоруойдар уонна дойдубут патриоттара. Кинилэр биһиги бэтэрээннэрбит, эһээлэрбит утумнааччылара буолаллар. Билигин устуоруйа эмиэ хатыланан эрэр. Маннык байыастардаах буолан, биһиги дойду Аҕа баһылыга туруорбут соруктарын ситиһиэхпит диэн бүк эрэллээхпин», — диэн Георгий Михайлов эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Маны таһынан Ил Дархан Махтал суруктарынан Дьокуускай куораттааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдэтэлэ Маргарита Максимова, «За спасение» мэтээлинэн Александр Пахомов, Аркадий Старостин уонна Сергей Яковлев наҕараадаланнылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: