Салгыы
Саха сирин байыастарыгар гуманитарнай көмө тиэрдиллэр

Саха сирин байыастарыгар гуманитарнай көмө тиэрдиллэр

Ааптар:
17.04.2023, 15:00
Бөлөххө киир:

Байыаннай сулууспалаахтарга Саха сирин тирэх пуунуттан баһыылкалары тиэртилэр.

Бу күннэргэ  ДНӨ  тирэх пуунуттан байыастарга гуманитарнай көмөнү таһынан, аадырыстаммыт баһыылкалары тиэртилэр. Бу туһунан ДНӨ Саха сирин тирэх пуунун бэрэстэбиитэлэ Владимир брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

«Бу күннэргэ Саха сириттэн байыастар чугас дьонноро, кэллиэгэлэрэ ыыппыт сахалыы астарын-үөллэрин арааһа, ол иһигэр балыктан ас-үөл тиэрдилиннэ«, — диэн иһитиннэрдэ тирэх пуун бэрэстэбиитэлэ.

ДНӨ Саха сирин тирэх пуунугар бу күннэргэ  былаан быһыытынан үлэһиттэр хардарыта уларытыһыылара ыытыллар, ол гынан баран, гуманитарнай көмөнү тиэрдии кыраапыга тиһиктээхтик салҕанар диэн этэр Владимир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: