Салгыы
Саха сирин байыастарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттардылар

Саха сирин байыастарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттардылар

Ааптар:
10.01.2025, 18:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Cаҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар баһыылкалары тиэрдии салгыы ыытылынна.

Саха сириттэн сулууспалааччыларга Ил Дархан аатыттан хас да тыһыынча бэлэх туттарылынна. Бу туһунан Саха сирин тирэх пууннарын сүрүн координатора Юстас кэпсээтэ.

«Байыаннай дьайыы хонуутугар уустук суоллааҕын уонна бойобуой кыргыһыылар ыытыллыбыттарын үрдүнэн, Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин подразделениеларыгар бэрт кылгас болдьох иһигэр тиэрдилиннэ. Бэлэх улахан аҥара Саҥа дьылга иннинэ туттарыллыбыта», — диэн Юстас чуолкайдаата. Кини этэринэн Саха сирин салалтатын өттүттэн кыһамньы уонна өйөбүл байыастар бойобуой тыыннарын өрө көтөҕөр. «Бары байыастар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэр иһин махтаналлар», — диэн Юстас бэлиэтээн эттэ. СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: