«Саха сирин балыга» дьаарбаҥка саҕаланна

Share

Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка үлэтин саҕалаата. Саҥа дьыл бу буолаары турдаҕына, дьон бырааһынньыктааҕы остуолугар сибиэһэй балыгы ууруохтарын баҕарар буолан, тоҕуоруһа муһунна. Атыы-эргиэн хамаҕатык бара турар. Дьаарбаҥка ахсынньы 20-22 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Дьаарбаҥкаҕа Булуҥ, Абый, Аллараа Халыма, Усуйаана улуустарыттан балыгынан дьарыктанар урбаанньыттар, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ, барыта 17 тэрилтэ кыттар диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Маны тэҥэ, Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан эт, ис аҕалан атыылыахтара.

Ханнык бырааһынньык сандалыта тоҥ балыга суох буолуой? Манна быйыл муус аннынан бултаммыт, кыһыллар тоҥ балыктар, тууһаммыт, ыыһаммыт күндү балыктар, собо, сордоҥ, күндүөбэй, тоҥоруллубут  бэлэм бүлүүдэлэр, маны тэҥэ, ынах, сылгы, таба сибиэһэй этэ, иһэ, ынах арыыта атыыланыаҕа. Олохтоох бородууксуйаны хаһаана илик дьон өрөбүллэри көтүппэккэ кэлэн, удамыр сыанаҕа атыылаһа охсуҥ.

Дьаарбаҥка үс күн устата, сарсыарда 10 чаастан киэһэ 5 чааска диэри таһырдьа буолуоҕа. Тэрийээччи — «Якутские продукты» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булчут билиэтин оҥотторо илик дьоҥҥо артыыс сүбэтэ

Биллиилээх артыыс Прокопий Иванов социальнай ситиминэн кэлэр сылтан булт билиэтин оҥотторууга уларыйыы буолаары турарын иһитиннэрдэ.…

6 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

️Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэһии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Арассыыйа ИДьМ Хотугулуу-Илин ЛУ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат аэропордун диспиэччэриттэн төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Онно "Иркутскай-Дьокуускай"…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо? Кинигэ туһунан чахчылар

Билиигин-көрүүгүн хаҥат.  Саамай уһун ааттаах кинигэ Англияҕа тахсыбыт. Уопсайа 45 устуруока. Кинигэ кумааҕыга эрэ буолбакка,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

4-с оптуобус суоппарын хайҕаатылар

Дьокуускай куоракка оптуобустар үлэлэригэр кыралаан хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Бүгүн Залог оройуонунан сылдьар 4-с нүөмэрдээх оптуобус…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быыстапка бэртээхэйэ буолла

Уһун Күөлгэ "Аргыс" сынньалаҥ киинигэр 1 Өспөх нэһилиэгин уран тарбахтаах маастара Варвара Петровна Жиркова айар…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Киһи тоҕо кырдьарый?

Бу сиргэ букатын кэлбит суох дииллэр. Туох барыта эргэрэр, эмэҕирэр, кырдьар, өлөр-сүтэр. Киһи төрөөт да,…

9 часов ago