«Саха сирин балыга» дьаарбаҥкаҕа балык арааһа атыыланна

Share

Дьокуускайга «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка бэрт көхтөөхтүк ыытыллар. 

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, быйылгы тэрээһиҥҥэ  балыгынан дьарыктанар 12 тэрилтэ, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ, урбаанньыттар, уопсайа 120 туонна балыгы аҕалбыттар.

Араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттар, артыыстар кэнсиэртээбиттэр, фудкорт тэриллибит. Уопуттаах маастардар балыгы кыһан ураһа курдук саһылаан таһаарыылара дьаарбаҥкаҕа мустубут дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыт.
Бэлиэтэммитинэн 29 киһи 55 мүнүүтэ иһигэр 288, 6 кг балыгы кыһан рекорд олохтообуттар. Оттон былырыын Ямало-Ненецкэй уокурук маастардара 140 кг балыгы кыспыттара диэн бэлиэтэнэр. Күөн күрэс кыайыылааҕынан Абый улууһун хамаандата тахсыбыт. Кинилэр 82 кг балыгы бэлэмнээбиттэр. Куонкурус түмүгүнэн киирбит харчы байыастары өйүүргэ ыытыллыа диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
«Саха сирин балыга» дьаарбаҥканы СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэҕэ балыгынан дьарыктанар хаһаайыстыбалар ассоциациялара тэрийбиттэр.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров дьаарбаҥка уон төрдүс төгүлүн тэриллибитин, манна балыксыттар, балыгы астааччылар түмсэллэрин бэлиэтиир.
«Биһиги күндү баайбыт нэһилиэнньэҕэ сыанатынан уонна аҕалыллар балык арааһынан сыл ахсын кыаллымтыа буолан иһиэ дии саныыбын. Быйыл сайыҥҥы балыктааһын кэмигэр үс туоннаттан тахса көмүс хатырыктаах хаптарыллыбыт, онтон сыл устатыгар 5 туонна», — диэн этэр миниистир. Артем Александрович балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарыыга быйыл 50 мөл.солк. тахса үп-харчы ыытыллыбытын, ол материальнай-тэхиньиичэскэй баазалары бөҕөргөтөргө туһаайыллыбытын бэлиэтиир. Кини судаарыстыба өйөбүлэ инникитин да салҕаныа диэн этэр.

Тэрийээччилэр бу күннэргэ сибиэһэй балык атыылаһааччылар элбэхтэрин бэлиэтииллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хаартыскалара

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

4 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago