Саха сиригэр «СӨ бастыҥ эдэр судаарыстыбаннай сулууспалааҕа» куонкурус үһүс төгүлүн ыытылынна. Кыайыылааҕынан РФ бэрэсидьиэнигэр өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин судаарыстыбаннай сулууспаҕа, каадырга, быраап үлэтигэр уонна информация көмүскэлигэр управлениетын сүрүн сүбэһитэ Алексей Иннокентьев ааттанна.
Бастыҥы талар куонкурус балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕаламмыта. Манна кыттарга диэн эдэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтартан 23 сайаапка киирбитэ. Финалга уон бастыҥ ыччат ааһан, судаарыстыбаннай былаас уорганнара нэһилиэнньэни кытта үлэлэригэр этиилэрин киллэрдилэр.
Баар соругу барытын этэҥҥэ толорон, бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үлэһитэ Алексей Иннокентьев инники күөҥҥэ таҕыста. Кини санаатын маннык үллэстэр:
— Мин судаарыстыбаннай сулууспалаах буолуохпун төрүкү баҕарарым. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыы» хайысхатын үөрэнэн бүтэрэн, иккис сылбын идэбинэн үлэлии сылдьабын. Маннык куонкурустарга кыттыы эдэр киһини сайыннарар дии саныыбын. Кыайбыт киһи быһыытынан өрөспүүбүлүкэбит туһугар өссө кыһанан туран уонна үтүө түмүктээхтик үлэлиэм.
Кыайыылаах РАНХиГС (Норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академията) магистратуратыгар үөрэнэр кыаҕынан наҕараадаланна.
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …