Саха сирин бибилэтиэкэлэригэр «Эбээ Маайа» сахалыы тыыннаах аудио-кинигэлэр баар буолуохтара

Share

Саха сирин үтүөлээх артыыһа, саха тылыгар остуоруйалары уонна кэпсээннэри таһаарар бастакы «Эбээ Маайа» YouTube-ханаалы төрүттээччи Майя Слепцова Тыйаатыр диэйэтэллэрин сойуустарын  куонкуруһун түмүгүнэн истипиэндьийэ ылары ситистэ.

Бу үбү-харчыны туһунан Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатырын артыыската саха классиктарын айымньыларын аудиоҕа уһулан кэпсээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэринэн туттарда.

«Сахалыы аудио-кинигэ ханаалын арыйаммыт төрөөбүт тылга, саха литературатыгар улахан интэриэһи үөскэтэрин көрдүбүт. Аналитика көрдөрөрүнэн, биһигини Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын дойдуларынан биһиги биир дойдулаахтарбыт эмиэ истэллэр. Атын дойдуга көһөн барбыт сахалар төрөөбүт тылга тапталы сүтэрбэттэрэ сүрдээх үөрүүлээх. Биһиги ханаалбытын оскуола оҕолоро да, улахан көлүөнэ дьон да интэриэһиргииллэр, истэллэр. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон махталлара олус элбэх. Аныгы үйэҕэ  төрөөбүт тылы тарҕатарга, харыстыырга ханнык баҕарар ньымалары туһанан тэҥҥэ хардыылыахха наада», — диир Майя Слепцова. Судаарыстыбаннай истипиэндьийэ саха классиктарын айымньыларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатарга кыах биэрдэ уонна сотору кэминэн бибилэтиэкэлэринэн баар буолуоҕа.

«Билигин үгүс дьон аудио-кинигэни ТГ- ханаалларынан тарҕатарга көрдөһөллөр. Маннык ньыма интэриниэт суох сиригэр холбоммокко эрэ истэргэ кыах биэрэр. Холобур, ыраах айаҥҥа, от үлэтигэр. Ол курдук, салгыы Саха сиригэр мунньуллубут матырыйааллары флешкаҕа уган тарҕатыахха наада дии саныыбыт. Итиэннэ ханнык баҕарар киһи  босхо оройуон бибилэтиэкэлэриттэн хачайдыахтарын сөп», — диэн Майя Слепцова бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Фашизмы утары – бары бииргэ!

Бүгүн Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи II пуорум чэрчитинэн Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «төгүрүк остуол» буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ байыаннай…

3 часа ago
  • Сонуннар

“Я-россиянин” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа салҕанар

Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэргэ курдук, алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри “Я-россиянин” Бүтүн Арассыыйатааҕы…

5 часов ago
  • Сонуннар

Атын эрэгийиэҥҥэ көһүөххүн баҕардаххына

Олорор сирдэрин уларытыахтарын баҕарар дьоҥҥо Госөҥөлөргө “Жизненная ситуация” диэн сервис аһылынна диэн РФ бырабыыталыстыбатын аппараатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эбээ Маайа» ханаала биэс сааһын бэлиэтээтэ

Ньурбаҕа "Эбээ Маайа" ханаал тэриллибитэ биэс сылын бэлиэтээтилэр. 2019 с. дойдуга Тыйаатыр сылыгар СӨ үтүөлээх…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кэнсиэртэн киирбит үп байыаннай дьайыыга ыытыллыа

Кэбээйи улууһугар  биллэриллибит “Бары бииргэ” Аахсыйаҕа Чагдатааҕы  “Тускул” сынньалаҥ киинэ кыттыста. [gallery ids="165402,165403"] Ньидьили нэһилиэгэр…

7 часов ago
  • Сонуннар

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Алтынньы ый 28 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьевы кытта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…

7 часов ago