Саха сирин биир кырдьаҕас оскуолата саҥа дьиэҕэ көстө

Share

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Билии күнүн бырааһынньыгар Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр саҥа оскуола аһыллыыта буолла. Өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга педагогтары уонна үөрэнээччилэри Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Саҥа икки этээстээх оскуола уопсай иэнэ 4 тыһыынчаттан тахса кв.м., 275 миэстэлээх. Манна орто оскуола, гимназия, оҕо айымньытын дьиэтэ көһөн киириэхтэрэ. Онон үс эбийиэги холбообут кыһа буоларын быһыытынан, биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуола диэн ааттанна.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

“Мукучу оскуолата – өрөспүүбүлүкэ олус баай устуоруйалаах кырдьаҕас оскуолаларыттан биирдэстэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ манна дойдубут араас муннуктарыттан эдэркээн учууталлар үлэлии кэлбиттэрэ. Бу оскуолаттан Социалистическай Үлэ Дьоруойа Михаил Спиридонов  уонна да атын үтүөлээх дьон үөрэнэн тахсыбыттара. Кинилэр ситиһиилэрэ күн бүгүн нэһилиэк олохтоохторун, үүнэр көлүөнэни саҥа кыайыыларга сирдииллэр. Үөрэнээччилэр үөрэххэ, успуорка ситиһиилэрэ элбэҕэ ону туоһулуур. Маннык бэртээхэй оскуола киирбитинэн, кинилэр ситиһиилэрэ өссө үрдүүрүгэр, биһигини үөрдэ туралларыгар эрэнэбин”, – диэтэ Ил Дархан.

Эбийиэк тутуута 2016 сылтан саҕаламмыта, ол эрээри сотору кэминэн тохтотуллубута. Тутууну хаттаан 2021 сыллаахха “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн сөргүппүттэрэ.

“Ыраах сытар нэһилиэктэргэ оскуола хайдах курдук наадалааҕын билэбит. Мукучу оскуолата уһуннук тутуллубута, харгыс элбэх этэ, ол эрээри дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагын көмөтүнэн 4000 кв м. иэннээх үөрэх кыһата тутулунна. Манна дьиэ тутуллубутуттан эрэ буолбакка, дьоһуннаах үөрэх эйгэтэ баар буолбутуттан киһи үөрэр. Оскуолаҕа оҕо дэгиттэр сайдарыгар туох барыта баар – аныгы тээбириннээх киэҥ-куоҥ кылаастар, успуорт саалата, бибилэтиэкэ, о.д.а.”, – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Хааччыллыытынан уонна тиэхиньиичэскэй оборудованиетынан оскуола өрөспүүбүлүкэ инники күөҥҥэ турар оскуолаларын кэккэтигэр киирдэ. Кэбиниэттэргэ интерактивнай панеллар турбуттар, компьютернай кылаас, роботиэхиньикэ кылааһа, лабаратыарыйалар, “Үлэ” биридимиэтин ыытар мастарыскыайдар, икки лингафоннай кэбиниэт, успуорт уонна аактабай саалалар, мэдиссиинискэй кэбиниэт, бибилэтиэкэ, остолобуой бааллар. Салгыы оскуола таһыгар успуорт былаһааккатын уонна тэпилииссэни оҥорор былааннаахтар.

Мукучу оскуолата ааспыт үйэ 30-с сылларыгар төрүттэммитэ. Бүгүн кини оскуола сайдыытыгар үтүмэн өҥөлөөх, уһулуччулаах педагог Иван Егорович Левин аатын сүгэр. Билигин манна 180 оҕо үөрэнэр, ол онтон 15 оҕо саҥа оскуолаҕа үөрэнэ киирдилэр.

Үөрэх кыһата агропрофилированнай хайысхалаах итиэннэ “Арассыыйа агрооскуолалара” Ассоциация чилиэнэ буолар. Кэлиҥҥи сылларга, төһө да үчүгэй усулуобуйата суох буоллар, хаста да өрөспүүбүлүкэ гранын ылары ситиспитэ, ол иһигэр 2022 сыллаахха Ил Дархан гранын ылбыта.

Оскуола өрөспүүбүлүкэтээхҕи инновационнай былаһаакка статустаах. Манна “Точка роста” цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах Үөрэх киинэ,  цифровой үөрэтэр эйгэлээх кэбиниэт, оскуола биисиниэс-инкубатора үлэлииллэр. Бу барыта үтүө түмүктээх: ааспыт үөрэх дьылын 24 үөрэнээччи туйгун сыаналаах, түөрт выпускник туйгун үөрэхтэрин иһин кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллээх бүтэрбиттэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago