Саха сирин булчуттарыгар бөртөлүөтүнэн быыһааһын ороскуотун толуйуу туһунан санаттылар

Share

Саха сиригэр  сааскы халаан кэмигэр булчуттар арыыларга хаайтарар түгэннэрэ тахсааччы. Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бөртөлүөтүнэн быыһаммыт булчуттар көтүү ороскуотун толуйуохтаахтарын санатта диэн СИА суруйар.

“Былырыыҥҥыттан биһиги өрүс арыыларыгар хаалбыт дьону тиэйии өҥөтүгэр счеттары түһэрэбит, өскөтүн кинилэр эрдэттэн сэрэппэтэх эбэтэр кутталлаах сиртэн кэмигэр барбатах буоллахтарына. Бөртөлүөт көтүүтүн биир чааһа – үгүөрү үп”, — диэтэ Дмитрий Садовников.

Бырабыыталыстыбата бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы булка көҥүлү кытта сэрэтэр өйдөбүнньүктэр туттарыллалларын бэлиэтээтэ. Ол иһин иэдээҥҥэ түбэһиэн сөптөөх дьон ол туһунан сэрэтилиннилэр уонна муус барыытын кэмигэр хааланнар олохторугар кутталы үөскэтэллэрин өйдүөхтээхтэр. Оттон быыһааччылар халааны хонтуруоллуур үлэҕэ наадалаах кыахтарын-күүстэрин барыыллар.

Ону таһынан Дмитрий Садовников булчуттар баһаартан сэрэхтээх буолуохтаахтарын туһунан эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago