Саха сирин быраастара 1,5 тыһыынчаттан тахса байыаска көмөлөстүлэр

Share

Саха сирин быраастарын биригээдэтэ байыаннай дьайыыга сылдьан эчэйбит балтараа тыһыынчаттан тахса киһиэхэ көмөлөстө. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Саха сириттэн Байыаннай госпиталларга үлэлии тиийиини былырыын, 2022 сыл сэтинньитигэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ. Мобильнай биригээдэҕэ хирургтар, травматологтар, анестезиолог-реаниматологтар, психологтар, психиатрдар, итиэннэ орто мэдиссиинискэй персонал исписэлиистэрэ бааллар. Быраастар консилиумнарга, байыаннай-быраас хамыыһыйаларыгар, эпэрээссийэлэргэ, бэрэбээскилииргэ сырыттылар.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх психологическай көмөнү оҥоруу биир сүрүн суолталаах үлэнэн буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай килиниичэскэй психологтара «122» сулууспа үлэтин нүөмэригэр олороллор, дьоҥҥо көмөлөһөллөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago