Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа эрэгийиэннэргэ тиийэн, олохтоох дьоҥҥо мэдиссиинискэй көмөнү оҥороллор. Бу үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар диэн брифиҥҥэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирура Василий Игнатьев эттэ.
ДНӨ Докучаевскай куората биһиги өрөспүүбүлүкэбит шефтэһэр куората буолар, манна симиэнэнэн биһиги быраастарбыт үлэлииллэр, билигин онно хирург уонна реаниматолог бааллар. Ону кытта Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын быраастара ДНӨ Докучаевскай уонна Кировскай куораттарыгар куруутун бараллар.
“Быраастар төгүрүк суукканы быһа приемнай отделениеҕа суһаллык киирэр ыарыһахтарга консультация оҥороллор, хирургическай отделениеҕа баар ыарыһахтары барыларын көрөллөр-истэллэр, манна сытааччылартан аҥардара байыаннай дьайыы байыастара буолаллар. Үлэлиэхтэриттэн ыла Докучаевскайга 300-тэн тахса эпэрээссийэни оҥордулар”, – диэн кэпсээтэ Василий Игнатьев.
Кини харах быраастара Докучаевскайга 100-тэн тахса эпэрээссийэни, Кировскайга 500-тэн тахсаны, травматологтар уонна хирурдар 225-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорбуттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…